Архивы События - Страница 11 из 24 - Сайт Олонхо
Главная / События / Страница 11

События / Бэлиэ түгэннэр

«Олоҥхо эйгэтин тиһигэ» кинигэ таҕыста

Олоҥхо тыйаатыра уонна Олоҥхо научнай-чинчийэр үнүстүүт олоҥхону үөрэтиигэ туһалаах «Олоҥхо эйгэтин тиһигэ» диэн көмө ыйынньыгы бэлэмнээн таһаарда. Ыйынньык ааҕааччы киэҥ араҥатыгар – оҕо саадын иитээччилэригэр, учууталларга, олоҥхоҕо уһуйааччыларга, оскуола үөрэнээччилэригэр, орто анал уонна үрдүк үөрэх кыһаларын устудьуоннарыгар — ананар. Манна Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр олоҥхону харыстыырга, үөрэтэргэ, чинчийэргэ уонна тарҕатарга туһуламмыт олоҥхо эйгэтин тиһигин сырдатар кылгас иһитиннэриилэр […]

28.03.2024
Презентация мобильного приложения «Образцы традиционного исполнения олонхо – Ноо!»

Презентация состоится 29 марта т.г. с 12.00 в НИИ Олонхо (ул. Кулаковского 42, Балаҕан 102 ауд.). Уникальность мобильного приложения – свободный доступ к фрагментам аудиозаписей выдающихся олонхосутов прошлого. В мобильном приложении представлены «живые» голоса легендарных олонхосутов — 1) центральной эпической традиции И.Г. Тимофеева-Теплоухова, Н.И. Степанова – Ноорой, П.П. Ядрихинского – Бэдьээлэ, У.Г. Нохсорова, В.Н. Попова […]

28.03.2024
Олоҥхоһут учуутал — «Бастыҥ учуутал»

Кулун тутар 18-19 күннэригэр илин эҥээр улуустар эдэр учууталларыгар идэ таһымын  үрдэтэр, учуутал сыралаах үлэтигэр бэриниини, тапталы угуйар күөн күрэс  буолан ааста. Бастакы күн «Дьоһуннаах кэпсэтии», аһаҕас уруок, оттон иккис күҥҥэ маастар кылаас уонна «Тылы учууталга» диэн түһүмэхтэр буоллулар. Маастар кылааска учууталлар бэйэлэрин үлэлэригэр туттар, уратылаах, аныгылыы, билиҥҥи кэм үөрэнээччитигэр сөп түбэһэр бастыҥтан бастыҥ ньымаларын […]

27.03.2024
Олоҥхо кэмпириэнсийэтэ элбэх учуонайы, тыл үөрэхтээҕин түмтэ

Амма улууһугар икки күннээх «Олоҥхо ыһыаҕа: эпос, утум салҕаныыта, сайдар саҕахтар» өрөспүүбүлүкэтээҕи научнай-методическай кэмпириэнсийэ буолан ааста. Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнии биир сүрүн тэрээһинин панельнай мунньаҕар кыттааччылар норуот тылынан уус-уран айымньытын тылы-өһүн, суолтататын, сайдыытын эрэ буолбакка, бэл диэтэр, физикаҕа, экэниэмикэҕэ сыһыанын ырыттылар. -Мин бу сыллар тухары элбэх кэмпириэнсийэлэргэ, научнай-чинчийэр ааҕыыларга кыттан, дьүүллүр сүбэҕэ даҕаны үлэлээн кэллэҕим. Онно  […]

25.03.2024
Ил Дархан дьаһала таҕыста

Кулун тутар 22 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев 2026-2030 сылларга Олоҥхо ыһыаҕын тэрийэн ыытыы туһунан дьаһалга илии баттаата. Ол  крудук, 2026 сылга Кэбээйигэ буолуоҕа, 2027 с. – Ленскэйгэ, 2028 с. – Томпоҕо, 2029 с. – Орто Халымаҕа, 2030 с. – Тааттаҕа. Быйыл бэс ыйын 19-21 күннэригэр Олоҥхо ыһыаҕа Аммаҕа ыһылларын билэҕит.

25.03.2024
Тута хоһуйан олоҥхолуурга күрэхтэстилэр

Олоҥхо ыһыаҕын көрсө ыытыллар научнай-практическай кэмпириэнсийэ биир сонун, хоммут уоһу өһүлэр тэрээһининэн тута хоһуйан олоҥхолооһун уонна ол кэнниттэн санаа атастаһар киэһэтэ буолла. Күрэххэ биэс кыттааччы киирдэ. Кинилэр ким хаһыс уочаратынан киирэригэр сэрэбиэй тартылар. Бу кэнниттэн дьүүллүүр сүбэ чилиэнэ, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ Олоҥхо билим – чинчийэр институтун лингвофольклористика5а салаатын салайааччыта, тыл билимин кандидата Юрий Борисов тиэмэлэрин талалларыгар […]

24.03.2024
Олоҥхо кэмпириэнсийэтигэр 200-тэн тахса киһи үлэтин көмүскүүр

«Олоҥхо ыһыаҕа Аммаҕа: эпос, утум салҕаныыта, сайдар саҕахтар» XIV научнай-практическай кэмпириэнсийэ  олуктарынан үлэтэ 15 хайысханан икки күнүн буола турар. Манна өрөспүүбүлүкэ араас улуустарыттан, куораттарыттан барыта 200-тэн тахса кыттааччы бииртэн биир интэриэһинэй, сонун тиэмэлэрдээх үлэлэрин кэпсииллэр, экспердэр иннилэригэр көмүскүүллэр. Икки күннээх олуктарынан үлэни наука дуоктардара, кандидаттара, доценнар, култуура, ускуустуба эйгэтин үлэһиттэрэ сыаналыыллар. Кыттыы тиэмэлэрэ даҕаны киэҥ. […]

22.03.2024
“Олоҥхо кустуга» – педагогическай олимп  

Амматааҕы “Радуга” оҕону сайыннарар киин (салайааччы Конникова В.В., үөрэх-иитии чааһыгар салайааччы Левина В.И.) 65 сыллаах үбүлүөйүгэр уонна Аммаҕа Олоҥхо сылыгар аналлаах улуустааҕы “Олоҥхо кустуга – педагогическай олимп”  күрэҕи олус бэркэ тэрийэн ыыттылар. Тэрээһин Амма улууһугар  өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕа буолара 100 хонугар сөп түбэһиннэрэн олус сэргэхтик ааста. Бу күрэх сыалынан — соругунан олоҥхону киэҥ эйгэҕэ таһаарыы, […]

20.03.2024
Бүгүн — Олоҥхо тыйаатыра төрүттэмит күнэ

РФ норуодунай артыыһа Степанида Борисова уонна Арассыыйа ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ  Андрей Борисов төрүттээбит тыйаатырдарын үлэтэ ЮНЕСКО киһи аймах чулуу айымньыта диэн бигэргэппит култуурунай нэһилиэстибэтин — олоҥхону —   харыстааһыҥҥа , тарҕатыыга уонна үйэтитиигэ туһуланар. «Олоҥхо тыйаатыра испэктээктэргэ матырыйаал хомуйар соруктаах фольклор эспэдиисийэлэрин тэрийэр. Тыйаатыр репертуарыгар олоҥхо ис хоһоонунан уонна саха классиктарын айымньалырынан 30-тан тахса испэктээк турда. […]

19.03.2024
Олоҥхоҕо уһуйааччы Никандр Тимофеев 90 сааһынан

СӨ үтүөлээх учуутала, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, “СӨ учууталларын учууталлара” бэлиэ хаһаайына, СӨ култууратын туйгуна, СӨ спордун бэтэрээнэ, «Урожай» уопсастыба бочуоттаах үлэһитэ, Кутана нэһилиэгин, Сунтаар улууһун бочуоттаах бэтэрээнэ, Ил Дархан стипендиата, олоҥхону толорооччу, Олоҥхо тыйаатырын уһуйааччыта НИКАНДР ПРОКОПЬЕВИЧ ТИМОФЕЕВ 90 сааһын бэлиэтиир“ИЙЭ ТЫЛ – ИЭЙИИ ТЫЫНА” айар киэһэтигэр БҮЛҮҮ, ҮӨҺЭЭ БҮЛҮҮ, СУНТААР, КУТАНА олохтоохторун кулун тутар […]

17.03.2024
Орто туруу дойду төрүт кэскилэ — Олоҥхо

Бу күннэргэ Амма улууһугар  Олоҥхо XVII өрөспүүбүлүкэтээҕи ыһыаҕа буолара 100 хонук хаалбыт ынан араас тэрээһиннэр буола тураллар. Болугурдааҕы Майрод Ноговицын аатынан  култуура киинин уус-уран салайааччыта Евдокия Платонова бэрт кэрэхсэбиллээх тэрээһин туһунан бу курдук кэпсээтэ: — “Орто туруу дойду төрүт кэскилэ — Олоҥхо” диэн ааттаан «Колосок» уһуйаан иитиллээччилэрэ, Е.Е. Пахомов аатынан Болугур орто оскуолатын учууталлара кыттыылаах, өбүгэ үгэһин утумнаан, […]

14.03.2024
Олоҥхону чинчийэр оҕолор

Олоҥхо ыһыаҕын көрсө, Аммаҕа кулун тутар 21-22 күннэригэр «Ысыах олонхо в Амге: эпос, диалог поколений, взгляд в будущее» диэн научнай-методическай XIV кэмпириэнсийэ ыытыллар. Бу кэмпириэнсийэҕэ кыттыахтаах 17 оҕо, Амма улууһун Мээндиги, Бөтүҥ, Өнньүөс, Болугур, Эмис, Соморсун, Сулҕаччы, Абаҕа оскуолаларыттан түмүллэн, чинчийэр эспэдииссийэни тэринэн, СӨ Национальнай бибилэтиэкэтигэр үлэлээтилэр. -Аммалар “Айыы намыһын ырыаһыттар” диэн бырайыактаахпыт. Ол чэрчитинэн […]

14.03.2024
Олоҥхоҕо аналлаах кэмпириэнсийэҕэ кыттыҥ

Олоҥхо ыһыаҕын көрсө, кулун тутар 21-22 күннэригэр Амма сэлиэнньэтигэр «Ысыах олонхо в Амге: эпос, диалог поколений, взгляд в будущее» диэн научнай-методическай XIV кэмпириэнсийэ ыытыллар. Ким кыттыан баҕалаахха балаһыанньатын билиһиннэрэбит. ИНФОРМАЦИОННОЕ ПИСЬМОXIV республиканской научно-методической конференции «ЫСЫАХ ОЛОНХО В АМГЕ: ЭПОС, ДИАЛОГ ПОКОЛЕНИЙ, ВЗГЛЯД В БУДУЩЕЕ» Принципами организации Ысыаха Олонхо на Амгинской земле являются верность традициям, преемственность, […]

13.03.2024
Олоҥхо ыһыаҕа буолара 100 хонук хаалла

Амма улууһугар Олоҥхо өрөспүүбүлүкэтээҕи ХVII ыһыаҕа ыһыллара оруобуна 100 хонук хаалбытынан кулун тутар 12 күнүгэр Амма сэлиэнньэтигэр онно аналлаах тэрээһин буолла. Ыһыаҕы тэрийиигэ эппиэттээх үлэһиттэр бэлэмнэнии үлэтэ хайдах баран иһэрин нэһилиэнньэҕэ  сырдаттылар, бары көхтөөх кыттыыны ылалларыгар ыҥырдылар. Бу тэрээһин барыларын сомоҕолоон, хаалбыт 3 ыйга күүстээх үлэҕэ түмсүөхтээхтэр, түбүгүрүөхтээхтэр. Тэрээһини сахалыы таҥастаах дьон сэлэлии хаамыылара киэргэттэ. […]

12.03.2024
СВФУ презентует новое мобильное приложение «Образцы традиционного исполнения олонхо – Ноо!»

НИИ Олонхо СВФУ презентует новое мобильное приложение «Образцы традиционного исполнения олонхо – Ноо!», нацеленное на сохранение аутентичного традиционного исполнения олонхо и предназначенное для освоения и развития сказительского мастерства исполнителями современности, ознакомления со стилями пения и региональными традициями якутского сказительства. В Республике Саха одним из важных направлений работы по возрождению и сохранению эпоса олонхо является восстановление […]

12.03.2024
Олоҥхо дойдутун ойуулуур оҥоһуктары көрдөрүүгэ туруордубут

Быйыл сайын бэс ыйын 19-21 күннэригэр Аммаҕа Олоҥхо ыһыаҕа ыһыллар. Ыһыахха анаан 19 эбийиэк тутулла турар. В.Яроев «Уран» дизайн-устуудьуйата Аал Луук маһы тутан саҕалаабыт. Моҕол ураһа, олоҥхоһут оҕолорго аналлаах балаҕан, көрөөччү тырыбыната, күнү көрсөр, уустар, күрэхтэри ыытар түһүлгэлэр, кымыс иһиитин сиэрин-туомун ытык сэргэтэ, ытык дуоҕа анньыллар олоҕо, кутаа оттор холумтан, о.д.а. оҥоһуллуохтаах. Бэлэмнэнии үлэлэр туһунан […]

11.03.2024
Олоҥхо дьоруойдарын көстүүмнэригэр күрэх

Таатта улууһун алын кылааһын үөрэнээччилэрэ уонна уһуйааннарын кырачааннара “Күннээх оҕо саас оһуора” диэн олоҥхо персонажтарын көстүүмнэрин куонкуруһугар кытыннылар. Күөн күрэс икки түһүмэҕинэн тэрилиннэ- күннэтэ кэтиллэр сахалыы таҥас уонна ОЛОҤХО персонажтарын көстүүмэ. Барыта 26 кыттааччы, 3 уһуйаан, 1 оскуола тэрилтэтэ кытыннылар. Маннык киэптээх тэрээһин аан маҥнайгытын ыытыллан, элбэх киһи сэҥээриитин ылла. ОЛОҤХО алыптаах эйгэтин дьоллоох оҕо […]

05.03.2024
Олоҥхоҕо аналлаах кинигэ быыстапката

Кулун тутар 2 күнэ — Таатта улууһугар Олоҥхо күнэ. Бу күн Былатыан Ойуунускай аатынан Таатта норуодунай тыйаатырыгар «ОЛОҤХО САТАБЫЛА» этно-култуурунай тэрээһин ыытылынна. И.А. Аргунов аатынан Ытык Күөллээҕи киин бибилэтиэкэ олоҥхоҕо аналлаах кинигэ быыстапкатын туруорда. Олоҥхо күнүн тэрээһинигэр кэлбит дьоҥҥо «Олоҥхо кинигэлэрин сэгэтэн» диэн блиц-оонньууну тэрийэн ыытта. Кыттааччы сорудах толорор, ол сорудаҕын эппиэтин быыстапкаҕа баар кинигэттэн […]

05.03.2024
Директор театра Олонхо Мария Турантаева назначена первым заместителем министра культуры и духовного развития Якутии

4 марта глава Якутии Айсен Николаев назначил Марию Турантаеву первым заместителем министра культуры и духовного развития республики, сообщает пресс-служба главы и правительства региона. Турантаева Мария Васильевна имеет высшее образование. Окончила Московский университет потребительской кооперации по специальности «экономист, финансы и кредит», Академию труда и социальных отношений по специальности «юриспруденция», Северо-Восточный федеральный университет по направлению «Народная художественная […]

04.03.2024
Кыралыын-улаханныын олоҥхо долгунугар уйдардыбыт

Сулҕаччылар сандал сааһы, өбүгэ үтүө үгэһинэн, олоҥхо истэн, олоҥхо тула мустан көрүстүбүт. Биллэрин курдук, Амма улууһугар ыытыллыахтаах Олоҥхо ыһыаҕар, бэлэмнэнии чэрчитинэн, олунньу ый 27 күнүттэн кулун тутар 3 күнүгэр диэри Олоҥхо тыйаатыра гастроллаата. Олунньу 29 уонна кулун тутар 1 күннэригэр биһиги нэһилиэкпитигэр бары билэр, сэргиир Олоҥхо тыйаатыра Амма киэн туттар олоҥхоһуттарыттан биирдэстэрэ, ССРС суруйааччыларын сойууһун […]

04.03.2024