События / Бэлиэ түгэннэр
Угуттаан таһымныыр үрэх кэриэтэ уус-уран тыллаах олоҥхоһуттар уутуйан, уран тарбахтаахтар төбүрүөннээн үөскээбит талыы-талба Тааттабытыгар Олоҥхо күнэ кулун тутар 2-с күнүгэр буолан ааста. Өбүгэлэрбит кичэйэн-харыстаан хаалларбыт духуобунай баайдарын — Олоҥхо этигэн тылын-өһүн, баай-талым ис хоһоонун — билиҥҥи көлүөнэ хайдах ылынарын, олох бары эйгэтигэр, күннээҕи олохпутугар, сүрүннээн айар үлэҕэ, ойуулуур-дьүһүннүүр ускуустубаҕа оһуор-мандар оҥорон, хайдах көрөрүн бүгүҥҥү быыстапкаҕа […]
Ил Дархан Айсен Николаев Аммаҕа бэс ыйын 20-21 күннэрин эргин ыытыллыахтаах Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнии үлэтэ хайдах баран иһэрин бэрэбиэркэлиир, ырытар, быһаарсар сүбэ мунньаҕы ыытта. Өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар Олоҥхо ыһыаҕа 2006 сылтан ыһыллар. Тэрийэн ыытарга анаан анал эбийиэктэр тутуллаллар, култуура тэрилтэлэрин матырыйаалынай-тиэхиньиичэскэй базалара бөҕөргүүр, суол-иис өрөмүөннэнэр, уопсастыбаннай эйгэ тупсарыллар. Ил Дархан Айсен Николаев мунньах саҕаланыытыгар ыһыаҕы тэрийэргэ […]
Амматааҕы лиссиэйгэ «Олоҥхо — саха олоҕо» улуустааҕы сэминээр, маастар-кылаас буолан ааста. Сэминээри лиссиэй географияҕа учуутала Алена Быстрова, биология учуутала Александра Давыдова, уруһуй учуутала Анна Михайлова, педагог-бибилэтиэкэр Анна Алексеева уонна саха тылын учуутала Наталия Рязанская ыыттылар. Саха киһитин сиэринэн, маастар-кылааска кэлбит ыалдьыттары алгыһынан уонна саламааттаах алаадьынан, быырпаҕынан айах тутан күндүлээтилэр. Салгыы лиссиэй 7 кылааһын үөрэнээччитэ Өркөн Солдатов тус патефонунан Гаврил Колесов толоруутугар «Дьулуруйар Ньургун Боотур» […]
Бу дьыл олунньу 22 күнүгэр олоҥхоһут, алгысчыт, мас оҥоһуктарга норуот маастара, чэпчэки атлетикаҕа Саха АССР 29 төгүллээх чөмпүйүөнэ, марафонец, Үөһээ Бүлүү улууһун бочуоттаах гражданина, «Душа России» национальнай бириэмийэ лауреата, Саха Сирин ытык кырдьаҕаһа, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Кирилл Никонович Никифоров-Лөкөчөөн 86 сааһыгар олохтон туораата. Кини Айах Ууһа диэн ааттанар удьуор ойууттар, алгысчыттар, олоҥхоһуттар утумнарын салҕааччы […]
Олоҥхону дьон-сэргэ сэҥээрэр буолан, олоҥхо-испэктээктэри, эстрада кэнсиэрин курдук, нэдиэлэ ахсын кэриэтэ көрдөрөр буолбуттара кэрэхсэбиллээх. Ол курдук, Аҕа дойдуну көмүскээччи күнүгэр Олоҥхо тыйаатыра А. Титаров олоҥхотунан туруорубут “Хардааччы Бэргэн” испэктээги көрөөччүлэр көрдөһүүлэринэн көрдөрөр. Онтон кулун тутар 2 күнүгэр ньурбалар Дьокуускайга Ийэ олоҥхоһут Спиридон Васильевич Петров-Чыычаах төрөөбүтэ 130 сылынан “Оҕо Дьулаах бухатыыр” олоҥхо-испэктээктэрин Саха тыйаатырын сыанатыгар оонньуохтара.
Таатта улууһугар сыл ахсын кулун тутар 2 күнүгэр Олоҥхо күнэ ыытыллар буолбута үтүө үгэскэ кубулуйда. Быйылгы Олоҥхо күнэ олоҥхоһут, ырыаһыт, чабырҕахсыт, этнограф, чинчийээччи, айанньыт, фольклорист Мария Николаевна Андросова-Ионова төрөөбүтэ 160, Ийэ олоҥхоһут П.Е. Решетников-Көһөҥө Бүөтүр төрөөбүтэ 95 сылларыгар ананар. Билэрбит курдук, быйыл дойдуга Дьиэ кэргэн сыла. Онон таатталар М. Андросова-Ионова “Күл-Күл Бөҕө оҕонньор, Силирикээн эмээхсин […]
Эҥсиэли хочотун биир киэн туттар олоҥхону толорооччута, оҕолору фольклорнай куруһуокка утумнаахтык дьарыктыыр Елена Маркова Намнааҕы педагогическай кэллиэскэ ыытылла турар Саха тылын нэдиэлэтигэр ыҥырыллан кэлэн, бэйэтин биир дойдулааҕа П.П. Ядрихинскай-Бэдьээлэ «Дьырыбына Дьырылыатта» олоҥхотун толорон иһитиннэрдэ. Кини устудьуоннарга олоҥхоҕо толоруллар тойуктары туойууга маастар-кылаас көрдөрдө. Күндү ыалдьыппытыгар Махтал суругу, оҕолор бэйэлэрэ тутан-хабан оҥорбут үлэлэрин бэлэхтээн ыыттыбыт.
Тыл — омук тыына.Мин сахабын-Мин ырыамСахалыы сатарыыр. ТЫЛ БААР БУОЛЛАҔЫНА — НОРУОТ БААР Төрөөбүт төрүт тыл — норуот кэскилэ. «Тыл баар буоллаҕына, норуот баар буолар». Бу этиини кытта мин сөбүлэһэбин. Биһиги норуоппут бэйэтэ тыллаах, төрүт тылбытын өрө тутар буоламмыт, култуурабыт, ускуустубабыт, олохпут бары өттүнэн күүскэ сайдар дии саныыбын.Саха бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев саха тылын […]
СӨ ситэриилээх былааһын отчуота бүгүн Амма улууһун Мээндиги нэһилиэгиттэн саҕаланна. Нэһилиэк «Алгыс» сынньалаҥ киинигэр арыый эрдэлээн тиийбиччэ нэһилиэнньэни кытта кэпсэтэбин. Кулууп дириэктэрэ Светлана Попова мээндигилэр туох сонуннааххыт диэн сахалыы сиэринэн туоһулаһыыбар: «Олоҥхо ыһыаҕынан олоробут», — диэтэ. «Миигин батыс», -диэт ,сыана кэтэҕин диэки сабыыны арыйан ыҥырар. Киирбитим — сиргэ кыл бөҕө тэлгэммит. «Быйыл Аммаҕа Олоҥхо ыһыаҕа буолар. Онон […]
СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ олоҥхону биир бастакынан чинчийбит Пухов Иннокентий Васильевич төрөөбүтэ 120 сылынан киниэхэ аналлаах кэллиэксийэни бэлэмнээтэ. Ону бу https://new.nlrs.ru/collections/4069 сигэнэн киирэн көрүҥ. Манна И. В Пухов үйэлээх үлэлэрин, хаһыакка бэчээттэммит матырыйаалларын, кини туһунан ахтыылары уонна муспут олоҥхолорун түмтүлэр. Пухов Иннокентий Васильевич (1904-1979) — кандидат филологических наук, заслуженный деятель науки Якутской АССР, участник Гражданской и […]
Саха тыла — олоҥхо тыла. Онон саха тылын туруулаһар «Ийэ тыл» көҥүл түмсүү тэрийиитинэн олунньу 13 күнүгэр Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр буолар тэрээһиҥҥэ олоҥхону истии бырагыраамаҕа киирбитэ үөртэ. Үгэс быһыытынан, тэрээһин оһуохайынан түмүктэниэ. Оттон бастаан төгүрүк остуол тэриллиэ, сахалыы саҥаны салгыы хайдах сайыннарар суоллары тобулуохтара, аһаҕас кэпсэтии буолуо.
Быйыл бэс ыйын 19-21 күннэригэр Амма улууһугар ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕын логотип дэнэр дьаралык бэлиэтин анал хымыыһыйа бигэргэттэ. Дьаралыгы быһаардахха:💠Бастакы күөҥҥэ — аммалар аатырбыт олоҥхоһуттара Т.В. Захаров-Чээбий.💠 Кэннигэр — быйыл Аммаҕа туруохтаах Аал Луук Мас. Ортотугар үүнүүнү кэрэһилиир оһуор💠 Чаппараах — — Дьөһөгөй оҕотун симэҕэ, оттон ыһыах диэн Дьөһөгөй Айыыга сүгүрүйүү буоллаҕа дии. Кымыһы ыһалларын иһин, […]
Биллэр бэрэпиэссэрбит, өркөн өйдөөх учуонайбыт, ыйан биэрэр суолдьут сулуспут Ульяна Винокурова Дьокуускайга Ньургун Боотур пааматынньыга турарын туруорсан суруйбута бу күннэргэ социальнай ситимнэринэн тарҕанна. Бу маннык боппуруоһу көтөҕөн, былырыын 2023 сыллаахха “Кыым” хаһыакка Дмитрий Филиппов диэн киһи суруйан турар. Билигин да дьон санаатын этэр, бары кэриэтэ өйүүллэрин биллэрэллэр. Оттон бүгүн бу Ульяна Винокурова суругун бэчээттиибит: “Ханнык […]
Кэнники кэмҥэ саамай кэтэһиилээх ыһыаҕынан Олоҥхо ыһыаҕа буолла. Ыытыллар сиригэр тутуу бөҕө барара да тэрийэр улууска туһалаах, олохтоохтор сэргэхсийэллэрэ да абыраллаах. Бирииһэ ботуччу суумалааҕа да көдьүүстээх: сыл аайы олоҥхону толорор киһи ахсаана эбиллэ турар. Чуолаан ыччат өттө сэргиирэ кэрэхсэбиллээх. Дьэ, онон Олоҥхо ыһыаҕын ыһар чиэс-бочуот тэҥэ. Маныаха анал хамыыһыйа быһаарыытынан, кэлэр сылларга ханнык улуустарга ыытыллара […]
Тохсунньу томороон тымныыта түһэн турдаҕына, Өктөм орто оскуолатыгар бэрт сонун, бэл соһутар да диэххэ сөп, тэрээһин буолан ааста. Сиһилии кэпсээтэххэ, ситэрэн эттэххэ, оскуола оҕолоро Олоҥхо тыйаатырын көмөтүнэн Н.К. Шамаев — Чопчухаан «Дьорҕостой Бэргэн» олоҥхотунтуруоран, хайдах курдук талааннаахтарын, баҕалаахтарын көрдөрдүлэр. Олоҥхо олоҕурбут ньыманан буолбакка, билиҥҥи ыччаты, оҕону тардар гына аныгылыы туруоруллубут. Сырдык уонна хараҥа күүстэр күөн көрсүүлэрэ хара уонна маҥан улахан саардарынан көрдөрүллэн, испэктиээк […]
Тохсунньу 31 күнүгэр Амма сэлиэнньэтин Ф. Потапов аатынан Норуот айымньытын дьиэтигэр ааспыт 2023 сыл түмүктэрин таһаарар уонна үүммүт 2024 сылы Амма улууһугар Олоҥхо сылынан биллэрэр тэрээһин үөрүүлээхтик ааста. Бу күн Олоҥхо сылын дьарылыгын сүрэхтээтилэр. Гиэрбэ ааптара – биллэр поэт, суруналыыс Зинаида Архипова. Көрөргүт курдук, дьаралык ортотугар олоҥхоһут олоонноон олорор, кини кэннигэр Аал Луук маспыт сириэдийэ-чэчирии […]
Зинаида Алексеевна Тихонова аатынан “Түөлбэ” оҕо киинигэр “Оһуордаах олоҥхо түһүлгэтэ” диэн декадата иһинэн ыытыллыбыт тэрээһиннэргэ уопсайа 156 оҕо кыттыыны ылла. Ол курдук, сахалыы алаадьынан күндүлээн, күөх буруо сытынан дыргытан, алгыстаах дэйбииринэн ыраастаан, алгыстаан, “Мин сахалыы куттаахпын” диэн улуустааҕы норуот уус-уран айымньытын толорууга күрэхтэһии кыттыылаахтарын көрүстүбүт. Күрэх сыала-соруга: төрүт өбүгэ үгэстэрин уһуйар уонна сахалыы сиэри-туому тарҕатааччы […]
Семен Семенович Морфунов — мастер спорта СССР по вольной борьбе, родился 1 января 1950 г. во II Холгуминском наслеге Мегино-Кангаласского района Якутской АССР. Ученик и соратник выдающегося педагога, заслуженного тренера СССР, РСФСР и ЯАССР Дмитрия Петровича Коркина. Окончил отделение вольной борьбы Чурапчинской спортивной школы (1969), Хабаровский государственный институт физической культуры и спорта (1978). Чемпион СССР среди юниоров – один […]
Олоҥхону аныгы ыччакка тарҕатар туһуттан араас сонун ньымалары көрдүүллэр. Олортон биир көдьүүстээхтэрэ – ойуулук. “Саха” НКИХ “Тоотой Боотур” диэн мультигы таҥан аһаараары сылдьар. Оттон билиҥҥи оҕолор үксэ анимены сэргииллэр. Ол иһин @cbssmart уонна @online_Якутия ТГ-ханаал кыттыһан, оҥоһуу өй көмөтүнэн аатырбыт режиссер-аниматор Хаяо Миядзаки мультиктарын истиилинэн “Дьулуруйар Ньургун Боотур” дьоруойдарын оҥорон көрдүлэр. Билэрбит курдук, Ойуунускай бу […]
САССР үтүөлээх артыыһа, норуот ырыаһыта, тойуксут, олоҥхоһут Устин Гаврильевич Нохсоороп киинэ түспүт төрөөбүт түөлбэтигэр, алгыстаах Абаҕа туонатыгар СӨ бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев көҕүлээһининэн «Рисуем все»- бырайыак чэрчитинэн Амма улууһугар биллэриллибит «Олоҥхо сылыгар» анаммыт «Рисуем все» улуустааҕы эстафета салҕанар дьоһун түһүлгэтэ тэрилиннэ. Биһиги нэһилиэкпитигэр эстафета бэлиэтин тохсунньу 19 күнүгэр Бөтүҥ нэһилиэгиттэн А.Е.Кралин аатынан Абаҕа орто […]