События / Бэлиэ түгэннэр
Олоҥхо тыйаатыра “Орто Дойду” рестораны кытта кыттыгас бырайыактара сэҥээриини ылла. Ол курдук, ыалдьыттары сахалыы минньигэс астаах сандалы тула олордон эрэ, олоҥхо толороллоро үтүө үгэскэ кубулуйда. Бастакы холонууга олоҥхоһут Валентин Исаков толоруутун тото-хана аһыы-аһыы истибиттэрэ. Ити тохсунньу 18 күнүгэр этэ. Оттон бу өрөбүлгэ, тохсунньу 28 күнүгэр, Василина Баланова-Кэрэмэс Лыҥкыр биир дойдулааҕа М.Т. Шараборин-Кумаарап “Дуо Бухатыыр” олоҥхотуттан […]
Дойду үрдүнэн Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр Оҕо саас сыла уонна СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтэ быйыл Оҕо тыйаатырын ускуустубатын сылын биллэрбитинэн, аммалар биир дойдулаахтара Юрий Борисов «Баһырҕастаах аттаах Баабый Баатыр» олоҥхотунан музыкальнай-хореографическай испэктээктэрин Дьокуускайга көрдөрдүлэр. Олоҥхону үҥкүүнэн дьүһүйүү — ураты көстүү. Хамсаныыларынан да киһи тиэрдиэн сөп эбит. биллэн турар, ону ырыа-тойук ситэрэн, киэргэтэн биэрдэ. […]
Москуба куоракка XXIV төгүлүн ыытыллыбыт «Ороһуоспа сулустара – 2024» норуоттар икки ардыларынааҕы бэстибээлгэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин «Оллоон» оҕо көрдөрүүлээх бөлөҕө 1-кы истиэпэннээх лауреат буолан кэллэ. Москуба куоракка норуоттар икки ардыларынааҕы “Ороһуоспа сулустара” бэстибээлгэ Амма улууһун А.А. Черемных аатынан Оҕо искусствотын оскуолатын иитиллээчилэрэ — «Оллоон» оҕо көрдөрүүлээх фольклорнай бөлөҕө — Артемьева Арина, Иванова Айылаана, Степанова Лена, Обутова Нарыйаана, […]
Саҥа үүммүт Айыыһыт сылын көрсө, Олоҥхо тыйаатыра үгэс буолбут олоҥхону истии иһирэх киэһэлэрин салгыыр. Тохсунньу 26 күнүгэр киэһэ 18.00 чааска Олоҥхо тыйаатырын уонна киинэ артыыһа Гаврил Менкяров олоҥхоһут, педагогическай билим дуоктара, бэрэпиэссэр Н.К. Шамаев-Чопчухаан «Дьоруо хоҥор аттаах, дьоһун дьикти айылҕалаах, дьоллоох-соргулаах Дьорҕостой Бэргэн» олоҥхотун толоруутун истэргитигэр ыҥырабыт. 🔹Эһигини мааны астаах сандалы күүтэр.▪️Буолар сирэ: П. Алексеев […]
Оҕо саас сылынан олоҥхоҕо олоҕурбут “Тойтой Боотур” диэн 8 сиэрийэлээх, уу сахалыы тыллаах анимационнай киинэ “Саха” НКИХ интэриниэт-былаһааккатыгар тахсара былааннанар. Бу ойуулукка Тойтой диэн уол боотур буолуон баҕарарын туһунан кэпсэнэр. Кырачаан бухатыыр дьоҥҥо, тулалыыр эйгэҕэ элбэх үтүөнү оҥорон, сир үрдүгэр дьол-соргу тосхойор. Тылы чинчийэр уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар кыһалҕаларын үөрэтэр үнүстүүт научнай үлэһитэ, эпосовед […]
Быйыл сайын Олоҥхо ыһыаҕа Кыыс Аммаҕа ыһыллар буолан, тэрээһин үлэ күөстүү оргуйар. Бу күннэргэ Олоҥхо институтун научнай үлэһитэ, аммалар бэйэлэрин уоллара Юрий Борисов, өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ассоциациятын салайааччыта Феврония Шишигина, Амма улууһун баһылыгын социальнай боппуруоска солбуйааччыта Ньургуйаана Илларионова Олоҥхо институтугар көрсөн, кулун тутар 21-22 күннэригэр Аммаҕа ыытыллыахтаах научнай-практическай кэмпириэнсийэ торумун дьүүллэстилэр. Ол курдук, Аммаҕа ыһыллар Олоҥхо ыһыаҕа «Саҥарар саҥам сататын сабаҕалаан, […]
В Республике Башкортостан издали полный текст героического эпоса народа саха – олонхо «Дьулуруйар Ньургун Боотур» (Нюргун Боотур Стремительный) на башкирском языке, сообщили в парламенте Якутии. Книга выпущена Национальным башкирским издательством «Китап». Общий тираж — 1000 экземпляров. Над книгой работали специалисты из Института истории, языка и литературы Уфимского федерального исследовательского центра Российской академии наук, Северо-Восточного федерального […]
Академик В.П. Ларионов аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи XXVIII «Инникигэ хардыы»эдэр чинчийээччилэр күрэхтэрэ иккис күнэ буола турар. Культурология салаатыгар уопсайа 38 үлэ баар, онтон биирдэстэрин сырдатыам. Айтал Жирков — Горнай улууһун Бэрдьигэстээх орто оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ. Кини чинчийбит тиэмэтэ: «Настольная игра на основе «Мир олонхо: Ньургун Боотур стремительный» диэн. «Билиҥҥи кэмҥэ остуол оонньууллара оҕолорго, эдэр ыччакка, улахан […]
Дьиэ кэргэнинэн олоҥхону толорууга өрөспүүбүлүкэтээҕи “Төрүт ситим” күрэх кыайыылаахтара – Уус Тааттаттан Лукиннар. Турар бэрээдэктэринэн билиһиннэрдэххэ, сэһэнньит – уоллара Никита Лукин. Быйылгы Олоҥхо ыһыаҕар биирдиилээн толорууга оҕолорго II миэстэ буолбута уонна “Истээччи биһирэбилэ” ааты ылбыта. Эбээлэрэ Христина Михайловна Лукина сааһын тухары сүөһү көрүүтүгэр ыанньыксытынан үлэлээтэ. Куоластаах мааныта. Улуус уус-уран самодеятельноһын бастыҥ ырыаһыта. Үһүс олорооччу – Лукиннар кыыстара Анастасия. Аҕалара Федот Лукин — […]
Ведущий библиограф Центра цифровизации Национальной библиотеки РС(Я), главный редактор сайта эпоса олонхо Анисия Иевлева стала лауреатом ежегодной премии Союза журналистов РС(Я), победив в главной номинации премии – «Золотое перо». По словам председателя Союза журналистов РС(Я) Олега Маркова, на эту номинацию претендовало 9 профессиональных журналистов со всей республики. Лауреаты традиционно определяются в канун Дня российской печати. […]
Сунтаар улууһугар Кыыл Уолун аатынан Норуот айымньытын дьиэтэ оҕолорго олоҥхонон квиз тэрийэн ыыппыт. Күрэхтэһиини көрүҥ, тэҥҥэ оонньооҥ, билиигитин хаҥатыҥ.
РФ култуурунай көҕүлээһинин пуондатын куонкуруһугар култуура салалтатын «Интерактивное творческое пространство «Кэскил биһигэ – колыбель будущего» бырайыага кыайан, бүгүн Олоҥхо дьиэтэ этно-култуурунай кииҥҥэ оҕолорго аналлаах “Кэскил биһигэ – олохпут түсчүтэ” аныгылыы интерактивнай хос үөрүүлээх аһыллыыта буолла. Пуонда күрэҕэр Саха сириттэн 180 сайаапка кыттыбытыттан, бу бырайыак 15 бастыҥнарга киирсэн, күн бүгүн үлэлээн саҕалаата. Бырайыак сүрүн […]
Ахсынньы ый 19 күнүгэр С.А.Зверев – Кыыл Уолун аатынан улуустааҕы норуот айымньытын киинигэр “Олоҥхо дойдутун оһуордаах оонньуута” улуустааҕы бэстибээл-күрэс түмүгүнэн нэһилиэк талааннаах дьонун “Уол Дуолан бухатыыр” олоҥхо-испэктээк оруолларыгар сүүмэрдиир төгүрүк остуол буолла. Киин дириэктэрэ А.Д. Седалищев Абырайыак олоххо киирэригэр элбэх үлэ бара турарын эттэ. Кэлэр сылга өссө элбэх хамсааһын үлэ күүтэрин сырдатта. Норуодунай тыйаатыр салайааччыта Е.А. Григорьева олоҥхо […]
Ахсынньы 19 күнүгэр күүтүүлээх күндү күммүт, кэтэһиилээх кэрэ кэммит тосхойон, Хорулабыт нэһилиэгэр Олоӊхо балаҕана үөрүүлээх аһыллыыта буолла. Ыраахтан-чугастан ыҥырыылаах ыалдьыттар, биир дойдулаахтарбыт үөрүүбүтүн үллэстэ муһуннулар. Балаҕан – саха норуотун уйалаатар уйата, биһиктээх биһигэ. Саха киһитэ балаҕан туттан, олохсуйан, түптэ уматан, ыһыах ыһан, хороҕор муостааҕы, сыспай сиэллээҕи сириэдитэн, оҕо-уруу төрөтөн, олоҕу уруйдаан, киһи сиэринэн сайдан, олорон […]
Быйыл биллиилээх олоҥхоһут Дмитрий Михайлович Говоров-Олоҥхоһут Миитэрэй төрөөбүтэ 175 сыла. Онон Уус Алданнааҕы «Олоҥхо дьиэтэ» этнокультурнай киин көҕүлээһининэн «Мүлдьү Бөҕө» олоҥхо дьүһүйүүтэ сыанаҕа турда. Манна кыттыыны ыллылар Тумуллааҕы «Айыллан» народнай театр артыыстара, Олоҥхо дьиэтин, «Тойон Мүрү» култуура дыбарыаһын үлэһиттэрэ, уус-уран самодеятельность кыттыылаахтара. Дьүһүйүүнү Тумул, Бэйдиҥэ, Бороҕон көрөөччүлэрэ биһирии, астына көрдүлэр. “Мүлдьү Бөҕө” олонхо сүрүн идиэйэтэ […]
СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ, Култуура уонна ускуустуба Аартыкатааҕы үнүстүүтэ, Олоҥхо ассоциацията «Ыччат олоҥхолоох айана: ноо!» диэн кыттыгас бырайыактарын туһунан «Саҥа күн» биэриигэ. Бырайыак Бэрэсидьиэн култуураны өйүүр пуондатын граныгар тэрилиннэ.
Ньурба улууһун Хорула түөлбэтигэр улууска аан бастыкынан Олоҥхо балаҕана тутуллан, аһыллыы үөрүүлээх түһүлгэтигэр Таатта улууһуттан ыҥырыылаах ыалдьыттар: олоҥхону толорооччу Алексей Николаев, Раиса Маркова уонна олоҥхону суруйааччы Акулина Егасова мааныланан, ыллаан-туойан, дойдубутугар, улууспут төрөөбүт үөрүүлээх күнүгэр тиийэн кэллибит. Олоҥхо балаҕаныгар Ийэ олоҥхоһут Иванов Василий Иванович-Чиллэ Баһылай аатын иҥэрдилэр. Ытык киһи Чиллэ Баһылай 73 хаарын санныгар түһэрбит, уопсайа бэйэтэ суруйбут 9 олоҥхолоох эбит. Сылаас эркиннээх […]
Олус бэрт. Үс улуус — Горнай, Чурапчы, Хаҥалас — олоҥхолорун үйэтиппит биир дойдулаахпыт Егор Лукин-Түммүт Дьөгүөр айымньыта Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай суруйааччыта Павел Харитонов-Ойуку либреттотынан биэс көстүүлээх турда. Самодеятельнай артыыстар Улахан Аантан, Ойтон, Өктөмтөн, Покровскайтан олоҥхо курдук уустук жанры баһылаабыттара көһүннэ. Элбэх тэтимнээх үҥкүүлэрдээх, уотунан-күөһүнэн толорон биэриилээх, сахалыы ырыалаах-тойуктаах олоҥхобут көрөөччү биһирэбилин ылла. Бырайыак ааптара, СӨ […]
“Олоҥхолоох айан” суола Тааттаттан Аммаҕа тыргыллан, ахсынньы 14 күнүгэр Амма сэлиэнньэтин Айыы балаҕаныгар тиэртэ. Онно дэлэгээссийэни улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы, Олоҥхо ассоциациятын Амматааҕы филиалын бэрэссэдээтэлэ Ньургуйаана Ивановна Илларионованы кытта култуура салалтата көрүстэ. Үйэлээҕи үксэтэ, үтүөнү үөдүтэ сылдьар ырыаһыт ыллам ыччаты Айыы балаҕанын дириэктэрэ Василий Васильевич Кочаткин арчылаата, сырыылара сатанарыгар аман тылынан алҕаата. Ньургуйаана Ивановна 2024 сыл бэс […]
Сунтаарга Олоҥхо ыйын түмүктүүр, Хомус ыйын арыйар “Олоҥхо-барҕа баайбыт” тэрээһиҥҥэ Сунтаар үгүс нэһилиэктэрэ киирэн кыттыыны ыллылар. “Олоҥхо дойдутун оһуордаах оонньуута” бэстибээл чэрчитинэн, саха эр киһитин кыһыҥҥы таҥаһын көрүү күрэһэ, “Олоҥхо-баттл” олоҥхонон киирсии уонна олоҥхону тарҕатыыга, үйэтитиигэ үлэлиир дьону бэлиэтээтилэр. Олоҥхонон киирсиигэ 18 нэһилиэк икки сиринэн Сибиэрэп киинигэр уонна “Партизан” НАТК мустан, олоҥхону оройуттан туттулар. Улахан, […]