События / Бэлиэ түгэннэр
Олоҥхо диэн саха норуотун уус-уран тылынан биир саамай үрдүк чыпчаала. Олоҥхолоох буоламмыт, баччаҥҥа диэри баай тыллаах Урааҥхай Саха дэтэн олордохпут эбээт. Сунтаар улууһугар Олоҥхо ыйа сэтинньи ый 9 күнүттэн 28 күнүгэр диэри бары нэһилиэктэри хабан, тэрээһиннээх үлэ ыытылынна. “Олоҥхонон сирдэтэн, олоҥхолоох айан” диэн бырайыак сылын аайы тиһигин быспакка утумнаахтык ыытыллар. Ол курдук, быйылгы сылга “Утум” […]
Бу кэлэр сыл бэс ыйын 19-21 күннэригэр Аммаҕа Олоҥхо ыһыаҕа ыһыллар. Онно 21 эбийиэк тутуллуохтаах. В.Яроев «Уран» дизайн-устуудьуйата Аал Луук маһы тутан саҕалаабыт. Моҕол ураһа, олоҥхоһут оҕолорго аналлаах балаҕан, көрөөччү тырыбыната, күнү көрсөр, уустар, күрэхтэри ыытар түһүлгэлэр, кымыс иһиитин сиэрин-туомун ытык сэргэтэ, ытык дуоҕа анньыллар олоҕо, кутаа оттор холумтан, о.д.а. оҥоһуллуохтаах. Нэһилиэктэр бары олоҥхонон испэктээк […]
Бу “Олоҥхолоох айан: ноо!” бырайыак идиэйэтин Култуура уонна ускуустуба Аартыкатааҕы үнүстүүтэ көҕүлээбитэ, ону СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ уонна Олоҥхо ассоциацията өйөөн, былырыын 2022 сыллаахха Бүлүү бөлөх түөрт улууһунан сылдьан, олоҥхону толорооччуларын киинэҕэ устубуттара, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр эдэр олоҥхоһуттарын ырыаларын-тойуктарын иһитиннэрбиттэрэ. Быйыл бу бырайыак Бэрэсидьиэн култуураны өйүүр пуондатын граныгар кыайан, аны Таатта уонна Амма улуустарынан сылдьар кыах тосхойдо. […]
Улуу олоҥхоһуттар уутуйан үөскээбит, “Дьулуруйар Ньургун Боотур” айыллыбыт, уран тыл маастардара тахсыбыт ытык Таатта сиригэр “Олоҥхолоох айан: ноо!” ыччат десана Тааттаҕа сырыытын Ытык Күөлүнэн түмүктээтэ. Оҕону олоҥхо педагогикатынан иитэр “Арылы Кустук” үөрэхтээһин уопсастыбаннай түмсүүтүн көрдөһүүтүнэн, «Олоҥхолоох айан: ноо!» десант кыттыылаахтара Ытык Күөлгэ “Сулусчаан” уонна “Чуораанчык” дьыссааттарга сырыттылар. -Ыалдьыттарбыт иитиллээччилэрбит олоҥхону толорууга холонууларын сэргээн иһиттилэр уонна […]
“Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхону отут суол араас олоҥхоттон таҥан суруйан, олоҥхо канонун оҥорбут улуу убайбыт Ойуунускай, Ийэ олоҥхоһут аатын ылбыт Петр Решетников-Көһөҥө Бүөтүр, саха олоҥхотун оччугуй сылдьан Парижка толорбут, ЮНЕСКО салалтатыгар иһитиннэрбит Мира Самырова төрөөбүт дойдуларыгар Чөркөөххө “Олоҥхолоох айан: ноо!” ыччат десана ахсынньы 12 күнүгэр сырытта. Манна ырыа ындыылаах ыалдьыттары Н.Н. Туласынов аатынан норуот айымньытын […]
СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ, Култуура уонна ускуустуба Аартыкатааҕы үнүстүүтэ, Олоҥхо ассоциацията «Ыччат олоҥхолоох айана: ноо!» диэн кыттыгас бырайыактарын чэрчитинэн Таатта, Амма улуустарын айаҥҥа турунар. Олоҥхо дьоро киэһэлэрэ буолуохтара: Ахсынньы 11 күнүгэр Тыараһа нэһилиэгин Л.Н. Турнин аатынан «Алгыс» норуот айымньытын дьиэтигэр 15.00 чаастан. Ахсынньы 12 күнүгэр Чөркөөххө Судаарыстыбаннас түмэлин балаҕаныгар 15.30 чаастан. Ахсынньы 13 күнүгэр Ытык Күөл […]
Олоҥхо декадатын чэрчитинэн, П.А. Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылыгар анаан Мэҥэ Алдаҥҥа олоҥхо дьоро киэһэтэ буолла. Фойеҕа урукку туруорбут олоҥхолорун хаартыскалара, көстүүмнэрэ быыстапкаҕа туруоруллубуттар. Онон көрөөччү кулуупка киирээт, олоҥхо алыптаах эйгэтигэр куустарар. Егор Неймохов аатынан литэрэтиирэни уонна кыраайы үөрэтэр түмэл үлэһитэ А.П. Ефремова быыстапка экспонаттарын кэпсиирин иһиттилэр. Өссө түмэл үлэһиттэрэ М.Г. Комиссарова, А.П. Ефремова, Д.Н. Кривошапкина […]
“Олоҥхолоох айан: ноо!” бастакы тохтобула олоҥхоһуттар уутуйан үөскээбит сирдэригэр Кыйыга буолла. -Тыараһаҕа 26 олоҥхоһут баар буола сылдьыбытын быһаарбыттара. Олоҥхо педагогикатын үөрэтэр Екатерина Петровна Чехордуна бу маннааҕы. Кини 90-c сылларга улууска бастакынан биһиги оскуолабытын олоҥхоҕо туһаайбыта, олоҥхо оҥкулунан үлэни сүрүннээбитэ. Оччолорго биһиги үөрэнээччилэр буоллахпыт дии. Улаханнык өйдөөбөтөрбүт даҕаны, олоҥхону толорор этибит. Ол дьарыкпыт киһи быһыытынан сайдыыбытыгар […]
Учуутал уонна уһуйааччы сылын чэрчитинэн, ахсынньы аам-даам тымныытын аахсыбакка, Сунтаар алын сүһүөх оскуолатыгар улуус биир бастыҥ учуутала Гавлина Васильевна Новикова оҕону олоҥхоҕо кыра сааһыттан үөрэтиэххэ, сахалыы саҥардыахха сөбүн туһунан сэминээри ыытта. Сэминээргэ уопуттаах учуутал иитэр-үөрэтэр үлэҕэ бэйэтэ туһана сылдьар ньымаларын, үөрүйэхтэрин туһунан суруйан, эдэр учууталларга тарҕатта. Ол кинилэргэ олус туһалаах буолуохтааҕын оннооҕор мин өйдөөтүм уонна […]
Б иир дойдулаахпыт, сахалартан бастакы үөрэхтээх учуонай дьахтар, фольклору хомуйааччы, ырыаһыт-хоһоонньут, олоҥхоһут, этнограф Мария Николаевна Андросова-Ионова аатын үйэтитиигэ Уолба уһуйаана “Олоҥхоһут кыыс” бырайыагы 2014 сылтан утумнаахтык тэрийэн ыытар. Быйыл бырайыакпыт иккис төгүлүн республика уһуйааннарын кэтэхтэн кытыннаран, киэҥ далааһыннаахтык сэтинньи ый устата ыытылынна. Ол курдук, Таатта, Амма, Уус Алдан, Ньурба, Кэбээйи, Бүлүү, Хаҥалас улуустарыттан кыргыттар кыттыыны […]
Ахсынньы аам-даам тоһуттар тымныытыгар, күн сири көрүүтэ саамай кылгыыр кэмигэр, улаханнык убаастыыр, ытыктыыр киһибитин Кирилл Никонович Никифоров—Лөкөчөөнү 85 сааһын туолар үбүлүөйдээх үөрүүлээх күнүнэн эҕэрдэлиибин! Ааспыт ХХ үйэ 90-с сылларыгар 15 союзнай республика ыһыллан, коммунистическай партия үлэтин тохтотон, тэрилтэлэр сабылланнар, совхозтар ыһыллар кэмнэригэр Россия, Саха сирин үрдүнэн үлэ суох буолуутуттан аччыктааһын, хоргуйуу саҕаламмытыгар, дьон өйө-санаата тумарык […]
Ахсынньы 6 күнүгэр Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Д.Ходулов аатынан Култуура киинигэр Олоҥхо ыйын түмүктүүр айар талаан, уран тыл дьоро түһүлгэтэ тэрилиннэ диэн улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ. Тэрээһин уратытынан, эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы «Аан дойду эпостара Олоҥхо дойдутугар» диэн кэмпириэнсийэ уонна бэстибээл ыҥырыылаах ыалдьыттара Алтайтан, Башкортостантан, Казахстантан, Кыргызстантан, Хакасияттан кыттыбыттара буолла. Бу регионнар икки ардыларынааҕы пуорум тэрийээччилэринэн, көҕүлээччилэринэн Г.Колесов аатынан […]
СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ, Култуура уонна ускуустуба Аартыкатааҕы үнүстүүтэ, Олоҥхо ассоциацията «Ыччат олоҥхолоох айана: ноо!» бырайыак иккис сырыытын Таатта, Амма улуустарыгар аныыр. «Ыччат олоҥхолоох айана: ноо!» тэрээһин буолар күнэ, ыытыллар сирэ: Ахсынньы 11 күнүгэр Тыараһа нэһилиэгин Л.Н. Турнин аатынан «Алгыс» норуот айымньытын дьиэтигэр 15.00 чаастан. Ахсынньы 12 күнүгэр Чөркөөххө Судаарыстыбаннас түмэлин балаҕаныгар 15.30 чаастан. Ахсынньы 13 […]
Дьокуускайга эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы «Пути возрождения и сохранения эпического наследия и сказительства» диэн научнай-практическай форум буолла. Манна Казахстантан, Киргизияттан, Алтайтан, Башкирияттан уонна Хакасияттан норуот уус-уран айымньытын исписэлиистэрэ кэлэн кытыннылар. «Бу форум биһиги бырайыаэпыт чэрчитинэн ыытылла турар. Мэҥэ Хаҥалас Г.Колесов аатынан Олоҥхо дьиэтэ Бэрэсидьиэн култуураны көҕүлүүр пуондатын гранын сүүйбүппүт. Быйыл Олоҥхобут дьиэтэ үлэлээбитэ оруобуна 10 сыла, […]
Народный мастер из Горного района Валерий Дьячковский представил на межрегиональном фестивале «NeoOlonkho. Эпосы мира на земле Олонхо», который проходит в Якутске, деревянные статуэтки персонажей эпоса. Резьбой по дереву Валерий занимается седьмой год, ранее он работал водителем. За это время он создал более 200 статуэток, в том числе серию «Ньургун Боотур», насчитывающую порядка ста фигурок и две […]
Саха дьахталларыттан бастакы учуонай, олоҥхоһут М.Н. Андросова-Ионова төрөөбүтэ 160 сылын көрсө, ахсынньы 4 күнүгэр Уолбаҕа Иннокентий, Виктория Боппосовтар балаҕаннарыгар «Олоҥхо омуннаах оонньуута» киэһэ буолан ааста. Бастаан арчыланыы сиэрин-туомун ыыттылар. Онтон «Дьэ-буо» бөлөх толоруутугар «Үүт аас бэйэлээх Үрүҥ Айыы тойон ыччаттара» олоҥхону иһиттилэр. Устя Лазарева Бүөтүр Решетников — Көһөҥө Бүөтүр «Күөнэ көҕөччөр аттаах Күн Күндүү бухатыыр» […]
Ахсынньы 2 күнүгэр СӨ Национальнай библиотекатыгар «Олоҥхо таҥаһын алыптаах дьиктитэ» диэн өбүгэлэрбит кэппит кыһыҥҥы соннорун көрдөрдүлэр. Тэрээһин Олоҥхо декадатын уонна «Кыһын саха сириттэн саҕаланар» бэстибээл чэрчитинэн ыытылынна. Дьокуускайтан, Хаҥаластан, Амматтан, Мэҥэ Хаҥаластан, Сунтаартан саха мааны таҥаһын тигиитинэн утумнаахтык уонна ситиһиилээхтик дьарыктар иистэнньэҥнэр кытыннылар. «Уран иис» түмсүү салайааччыта, устуоруйа билимин хандьыдаата, ХИФУ дассыана Светлана Петрова уонна «Өбүгэ суола» билим-сырдатар түмсүү салайааччыта, Гуманитарнай […]
Уус Алдан улууһун Сыырдаахтааҕы «Айылгы» сынньалаҥ киин иһинэн үлэлиир «Ымыычаан» куруһуок оҕолоро Олоҥхо ыйыгар ыалынан кэрийэн олоҥхолоотулар. Куруһуок салайааччыта Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна, сынньалаҥ киинин уус-уран салайааччыта Анна Неустроева бу курдук кэпсиир: – Мин 2012 сыллаахха, дойдубар кэлэн үлэлиэхпиттэн оҕо дьоҕурун, ис кыаҕын арыйар куруһуогу тэрийиэхпин баҕарбытым. Ол эрээри, оҕолорго чугаһаабатаҕым. Онтон кэлин оҕолорбут тылынан […]
Хатас нэһилиэгэ — сахалыы өйү-санааны олоҕун тутулунан (тылы-өһү илдьэ сылдьыынан, үгэстэри тутуһуунан уо.д.а) тутан олорор нэһилиэк. Ол туһугар биир санаанан түмсэн, сомоҕолоһон сыаллаахтык-соруктаахтык, үтүө түмүктэрдээхтик үлэлээһин,СӨ Култууратын министиэристибэтинэн бигэргэтиллибит «Олоҥхо — олохпут ситимэ» диэн бырагыраама баара буолар. Бу бырагыраама чэрчитинэн төрүт үгэстэрбитин, төрөөбүт тылбыт сүмэтин-сүөгэйин сүтэрбэт туһугар туох даҕаны сиэри таһынан киэҥ халлаан киэлититтэн дуу, […]
Күндү Туймаада хочотун олохтоохторо уонна ыалдьыттара! Эһигини саха омук уһулуччулаах өркөн өйүнэн айбыт олоҥхото ЮНЕСКО сэдиэбиринэн биллэриллибит ытык күнүн көрсө, «АНЫГЫ ОЛОҤХОҺУТ» диэн төгүрүк остуол тула атах тэпсэн олорон, санаа үллэстиигэ ыҥырабыт! Кыттыыны ылаллар: В.В. ИЛЛАРИОНОВ, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ фольклор уонна культура кафедратын профессора, тыл билимин дуоктара, СӨ билимин үтүөлээх үлэһитэ; С.Д. Мухоплева, Гуманитарнай […]