События / Бэлиэ түгэннэр
Тойукка туойуллубут тоҕус томтордоох Чурапчыга былырыны саас былыргы дьыллар быралыйар быраман мындааларыттан, урукку дьыллар охсуһуулаах улаҕа өттүлэриттэн тиийэн-тиксэн кэлбит, уос номоҕо буолбут улуу Олоҥхобут дьоро күннэрэ буолан ааспыттараылар. Сахабыт тылын эҥинэ дьикти эгэлгэтин, хомуһунун, сүмэтин-сүөгэйин илдьэ сылдьар, уйулҕаны хамсатар, дууһаны долгутар саха кылыһахтаах тойугун дьүрүскэнэ кутуллубут. Олоҥхо бу дьоро күннэрин олоҥхону толорооччу Яна Ньургусова уонна кини уһуйааччыта Никандр […]
Томпо улууһун Ыҥаа нэһилиэгэр Олоҥхо күнүгэр Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхотунан оскуола үөрэнээччилэрэ, төрөппүттэр, учууталлар кыттыылаах музыкальнай дьүһүйүү киэһэтэ буолан ааспыта. Киэҥ саалаҕа мустубут нэһилиэк олохтоохторо оҕолорун, сиэннэрин толорууларын көрөн астынан, дуоһуйан тарҕаспыттара. Олоҥхо толорооччутунан оскуола 9 кылааһын үөрэнээччитэ Эркин Борисов буолбута. Маҥнайгы кылаастан алтыс кылааска диэри үөрэнээччилэр үрдүк таһымнаахтык оонньообуттара. Сүрүн оруолу толорооччулар Мия […]
Чочу нэһилиэгэр айылҕаттан айдарыылаах оһуохайдьыт, олоҥхоһут Чочу Сэмэнин аатыгар пааматынньык аһылынна. Бэс ыйын 23 күнүгэр Үрүҥ Тунах ыһыаҕын кэмигэр чочулар киэн туттар биллиилээх биир дойдулаахтара Семен Иннокентьевич Ивановка анаммыт пааматынньык үөрүүлээх аһыллыыта буолла. Быйылгы ыһыах Чочуга Дьиэ кэргэн уонна Оҕо сылларыгар, Аан Дархан оһуохайдьыт, олоҥхоһут, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Бүлүү улууһун, Чочу нэһилиэгин бочуоттаах гражданина […]
Олоҥхо быйылгы ыһыаҕар муомалар ситиһиилэрэ элбэх. “Эмис Түмэппий курдук этэн дьэргэлдьиттэхпинэ” олоҥхо күрэҕэр оҕолорго Эрчимэн Атласов, улахан дьоҥҥо Айталина Николаева ситиһиилээхтик кытыннылар. Эрчимэн сүүстэн тахса оҕоттон «Түөлбэ үгэһин утумнааччы» анал аакка тигистэ. Олоҥхо улахан түһүлгэтигэр кыттарбытыгар күүс – көмө, өйөбүл, сүбэ – ама тиэрдибиттэригэр Ирина Слепцоваҕа, Анна Федороваҕа махтанабыт. Саха сирин улуустарыттан 100 киһи кыттыылаах […]
Эдьигээҥҥэ оройуон дьаһалтатын аактабай саалатыгар Ийэ тыл, сурук – бичик күнүн бэлиэтиир «Олоҥхо киэһэтэ» диэн тэрээһин буолан ааста. Бу күн саала олоҥхо доллоһуйа кутуллар дуораанынан кутулунна, алыптаах тыынынан туолла. “Эйгэ” ЭКК иһинэн тэриллэн үлэлиир фольклорнай бөлөх кыттааччылара Сергей Васильев – Борогонскай «Мөҥүрүүр бөҕө» олоҥхотун толордулар. Тэрээһин саҕаланыыта ыытааччылар Михаил Ефимов, Айал Софронов, Анна Домотова сахалыы хомоҕой […]
«Азия оҕолорун» кыттыылаахтарыгар олоҥхо ускуустубатын көрдөрдүлэр. Дьокуускайга Орджоникидзе болуоссатыгар «Азия оҕолоро» оонньуулар кыттыылаахтарыгар «Земля Олонхо» бырагыраама үлэлээтэ. Ыалдьыттарга анаан өрөспүүбүлүкэ бастыҥ олоҥхоһуттара толороллор. «Земля Олонхо» бырагыраама Мэҥэ Хаҥалас, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Амма, Горнай, Чурапчы, Нам, Уус Алдан, Кэбээйи уонна Ньурба улуустарыгар баар Олоҥхо дьиэлэрин 250 кыттааччытын холбоһуга буолар. Биир кэлим ситим 2022 сыллаахха Ил Дархан […]
В рамках Года детства в РС(Я) и Года родного языка управление культуры Олекминского района организовало показ спектаклей кукольных театров культурно-досуговых учреждений Абагинского наслега для воспитанников детских садов г.Олекминска. Показ состоялся в Олекминской детской школе искусств, куда пришли 60 детей из дошкольных учреждений «Звездочка», «Елочка» и «Аленка». Вместе с детьми пришли и несколько родителей. Перед спектаклями […]
В Томпонской межпоселенческой центральной библиотеке можно посещать виртуальные выставки и оффлайн-кружки, освоить компьютерные программы, научиться основам графического дизайна и безопасного поведения в интернете. А еще здесь скоро будет обновлено детское отделение: мам и детей ждут новые удобства. Доступ жителей к книгам и современным технологиям расширяется с каждым годом благодаря материальной поддержке Южно-Верхоянской горнодобывающей компании. Главная […]
22 марта Глава Якутии Айсен Николаев подписал распоряжение о проведении национального праздника Ысыах Олонхо в 2026-2030 годы. Олонхо — шедевр устного и нематериального культурного наследия ЮНЕСКО, и Ысыах, приуроченный к шедевру, стал одним из самых любимых, ожидаемых и масштабных национальных праздников. Перечень муниципальных образований РС(Я), на территории которых запланировано проведение национального праздника Ысыах Олонхо, определяют […]
Биллиилээх Индия артыыһа Радж Капур бүгүн төрөөбүтэ 100 сыла. Кини курдук аан дойдуга аатырбыт улуу артыыс Горнай уолун эҕэрдэлээбитин билэҕин дуо? — Суох ! Оччоҕо Лариса Осипова били улахан сэҥээриини ылбыт «Ырыаҕа ылламмыт биэс бэһиэлэй кыргыттар» кинигэтин ааҕаргар сүбэлиибин. Ол кинигэҕэ кыыһа Ньургустаана Румянцева ахтыытыттан : «Аҕам Василий Васильевич Потапов. Кини бэрт дьикти историялаах, айылҕаттан […]
Арассыыйаҕа фольклор күнүн чэрчитинэн, Мэҥэ Хаҥаластан Гаврил Колесов аатынан Олоҥхо дьиэтэ Нам улууһугар ыалдьыттаата. Бүгүн П.П. Ядрихинскай-Бэдьээлэ аатынан Намнааҕы Олоҥхо дьиэтигэр Николай Иванович Степанов-Ноорой сиэнэ Аксиния Степанова, хомус ууһа Роман Иванов-Далан Уус дьиэ кэргэнинээн кэлэн бардылар. Фольклор күнэ үүммүтүнэн, Далан Уус хомус бэлэх ууммутун Олоҥхо дьиэтин дириэктэрэ Вера Колпашникова кэпсиир. Күндү ыалдьыттарга Туой тойугун маастара, өрөспүүбүлүкэтээҕи кырыымпа күрэҕэр кыайыылааҕа Руслан Захаров Роман Иванов-Далан Ууска кырыымпа бэлэх ууммут уонна Аксиния […]
Майа сэлиэнньэтин өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр, аатырар Д.Ф.Ходулов аатынан норуодунай тыйаатыра быйылгы 60-с сезонун Станислав Иванов “Хорсун-хоодуот Хатан Боотур” олоҥхо-испэктээгинэн түмүктээбитэ. 06.05.24 15:07 Онуоха махтал бастыҥа туруорааччы режиссерга Данил Осиповка ананар, туруоруу көрөөччүнү умсугутта, уобарастары арыйыы чаҕылхай. Тыйаатыр бары артыыһа, үлэһитэ түмсүүлээх, талааннаах кэлэктиип буоларын көрдөрдө, ону таһынан олоҥхону өрө тутар, айар үлэлэринэн биллэр улууһун эдэр дьонун […]
Кэрэ айылҕалаах кыыс Амма сиригэр-уотугар, Муона Чараҥар XVII төгүлүн өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕа бэрт сэргэхтик, тэрээһиннээхтик, өрө күүрүүлээхтик буолан ааста. Улууспут 25 киһилээх дэлэгээссийэтин Аҕа баһылык Владимир Новиков салайан илдьэ сырытта. Дьокускай-Амма-Дьокуускай айанын, Аммаҕа түһэр сири, аһылык ороскуоттарын улуус дьаһалтата үбүлээн сырытыннарбытын кыттааччылар махтана бэлиэтииллэр. «Саҥарар саҥам сататын сабаҕалааҥ, этэр тылым эгэлгэтин эридьиэстээҥ» XVII өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕын түмүгүнэн, […]
Ил Дархан Айсен Николаев нэдиэлэ бастакы күнүгэр Уһук Илиҥҥэ саамай бөдөҥ култуура кластерын – Дьокуускайга Эпос уонна ускуустуба Аартыкуатааҕы киинин — тутуу хаамыытын бэрэбиэркэлээтэ. Өрөспүүбүлүкэ баһылыга бастакы тымныылар түһүөхтэрин иннинэ эбийиэк тас өттүн бүрүйэргэ сорудахтаата. Бу туһунан СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата суруйар. Айсен Николаев бу тутуллар саҥа киин өрөспүүбүлүкэҕэ култуурунай, социальнай уонна креативнай эйгэтин […]
Бүгүн киэһэ Дарханныын” кэпсэтии биэрии буолла. Кэпсэтиигэ Ил Дархан Айсен Николаев Амма улууһугар ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕын тэрээһинин үрдүктүк сыаналаата, бэртээхэй үчүгэй ыһыах ааста диэн санаатын тириэртэ. “Мин ыытыллар Олоҥхо ыһыахтарыгар барытыгар сылдьан кэллим. Ыһыах сылтан сыл тупсан иһэр, таһыма үрдүүр. Аммаҕа ыытыллыбыт ыһыах олус үчүгэй буолла. Аммалар түмсэннэр, сомоҕолоһоннор, сүрдээх үчүгэй ыһыаҕы ыыттылар. Сүрдээх ыраас, […]
С 19 по 21 июня Ысыах Олонхо в Амгинском улусе посетили около 25 тысяч гостей, также около 7 тысяч человек были задействованы в организации основных мероприятий и приняли участие в соревнованиях, конкурсах. В своем выступлении заместитель Председателя Правительства Якутии, председатель оргкомитета Сергей Местников отметил, что по отзывам гостей и участников национальный праздник в Амге стал […]
Муона чараҥар В.И. Швердин аатынан пааркаҕа аны улуус дьаһалтата ыһыах тэрээһиннээхтик барыытыгар күүс-көмө буолбут дьоҥҥо бэйэтин махталын тириэрдэр бэлиэ түгэнэ буолан ааста. Бэлиэ түгэҥҥэ мустубут дьон соторутааҕыта эрэ ыһыах ыһыллыбыт сиригэр бэртээхэй тутуулары көрө-астына, хайдах-туох ыһыах ааспытын ырытыһан, чахчы да, ыытыллыбыт үлэттэн астынан, бэйэ-бэйэлэригэр махталларын тириэртилэр. “Кэлбит ыалдьыт эрэ барыта ыһыахтан үөрэн-көтөн, баһыыбалаан барбыта – […]
Олоҥхо ыһыаҕар Тимофей Захаров-Чээбий «Ала Булкун Бухатыыр» олоҥхотун уһун тыыннаах ааҕыы марафонугар 100-тэн тахса киһи аахпыта. Бу үгэс иллэрээ сыл, Үөһээ Бүлүүгэ Олоҥхо ыһыаҕар үөскээбитэ. Саха АССР 100 сылыгар 100 киһи аахпыта. Быйыл бу тэрээһин үһүс сылын ыытыллар. Амма биллэр олоҥхоһуттара Тимофей Захаров-Чээбий, Екатерина Захарова, Күннүк Уурастыырап, Мэлэк Мэхээлэ, Устин Нохсоров сыдьааннара анаан кэлэн аахпыттара […]
В сборнике представлены материалы I Республиканского форума «Ийэ – Олох – Олоҥхо», посвященного Году культурного наследия народов России, Году матери в Республике Саха (Якутия) в 2022 г. В докладах освещаются жизнь и творчество женщин – олонхосутов, носителей иисследователей эпоса, современное состояние сказительского искусства, затрагиваются вопросы образовательного и воспитательного потенциала эпического и фольклорного наследия народовЯкутии. Книга […]
«Амма фольклора» кинигэҕэ урукку сылларга хомуллан араас источниктарга бэчээттэммит норуот тылынан уус-уран айымньылара уонна Амма улууһугар ыытыллыбыт ХИФУ Олоҥхо научнай-чинчийэр институтун фольклорнай экспедициятын матырыйааллара – үһүйээннэр, номохтор, уос номоҕо буолбут кэпсээннэр, Амма оһуохайын уратытын туһунан ахтыылар, Амма улууһугар үөскүү сылдьыбыт олоҥхоһуттар тустарынан сибидиэнньэлэр хомуллан киирдилэр.Кинигэ фольклору чинчийээччилэргэ, уһуйааччыларга, устудьуоннарга уонна ааҕааччы киэҥ араҥатыгар ананар.