Архивы События - Страница 8 из 24 - Сайт Олонхо
Главная / События / Страница 8

События / Бэлиэ түгэннэр

Ытык дуоҕа анньылынна — Олоҥхо ыһыаҕын түһүлгэтэ аһылынна

Амма улууһугар «Саҥарар саҥам сататын сабаҕалааҥ, этэр тылым эгэлгэтин эридьиэстээҥ» Олоҥхо ыһыаҕа ыһыллар күүтүүлээх кэмэ тиийэн кэллэ. Бу иннинэ былытынан бүрүллэн соҥуоран турбут мэҥэ халлаан кытта үөрбүттүү сырдык саһарҕанан, үтүөкэннээх күлүм күнүнэн ыраахтан-чугастан кэлбит ыалдьыттары хатаҕалыы көрүстэ. Айгыр-силик айылҕабыт саамай тупсан турар кэмигэр, бэс ыйын 20  күнүгэр, Алгыстаах Амма Муона Чараҥар күөххэ үктэнэр, үрүҥ күннүүн […]

20.06.2024
Носов хартыыналара тилиннилэр

Олоҥхо ыһыаҕар Амматтан төрүттээх норуодунай худуоһунньук, кыраайы үөрэтээччи, РСФСР ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ Михаил Носов хартыыналарынан «Тиллибит чахчылар» диэн XVII-XX үйэтээҕи саха таҥаһын уонна симэҕин дьүһүйүүнү көрдөрдүлэр. Улус.Медиа хаартыскаҕа түһэриилэригэр көрүҥ.

20.06.2024
Куукуланан олоҥхо-испэктээк

Култуура уонна ускуустуба Аартыкатааҕы үнүстүүтүн устудьуоннара Күннүк Уурастыырап  «Нуоралдьын кугас аттаах Тойон Дьаҕарыма Бухатыыр» олоҥхотун куукулаларынан көрдөрдүлэр. Кинилэр бу туруорууларын туһунан сырдатан турабыт. Дипломнай үлэ быһыытынан, куукулаларын барытын бэйэлэрэ оҥорон бэлэмнээбиттэрэ. Бэркэ саҥардаллар уонна туойаллар. Тыыннаах доҕуһуолунан киэргэтэн, сонун испэктээги бэлэхтээтилэр. Дьон-сэргэ олус сэҥээрдэ. Чуолаан оҕо аймах кэрэхсээтэ.

20.06.2024
Олоҥхоһуттар ырыаларын кыҥкыната кырыымпалаатылар

Олоҥхо быйылгы ыһыаҕын уратыта — 111 киһи тэҥинэн кыл кырыымпаҕа оонньообута буолар. Саха кырыымпатын киэҥ эйгэҕэ таһаарбыт «Кыл Саха» этно-бөлөх салайааччыта Анна Томская Амма Бөтүҥүттэн төрүттээх. Кини көҕүлээһининэн, Муона Чараҥа диэн сиргэ 111 киһи кырыымпаҕа оонньоото. Бу үстүрүмүөннэрин икки сыл устата Амма уустара оҥорбуттара. Кырыымпаһыттар Амма аатырбыт олоҥхоһуттара Чээбий уонна Үстүүн Нохсоороп ырыаларын матыыптарын тыаһаттылар.

20.06.2024
Олоҥхо ыһыаҕын маастардар оҥоһуктара киэргэтэр

Хас Олоҥхо ыһыаҕар буоларын курдук, улуус аайыттан уран тарбахтаахтар кэлэн, оҥоһуктарын көрдөрүүгэ уурдулар. Диана Александрова түһэриилэригэр көрүҥ. Диана Александрова түһэриилэрэ

20.06.2024
Олоҥхо ыһыаҕар 10 кинигэни тэҥинэн сүрэхтээтилэр

Амматааҕы А.А. Черемных аатынан Оҕо ускуустубатын дьиэтигэр 10 кинигэ тэҥинэн сүрэхтэннэ:

20.06.2024
Олоҥхо ыһыаҕын ыалдьыттарын симэммит аттар көрүстүлэр

Бүгүн алгыс түспүт сиригэр Амма улууһугар Олоҥхо ыһыаҕа ыһыллар үтүөкэннээх күнэ. Быйылгы ыһыах уратыта — Аар баҕаҕынан киирэн иһэр дьону маанытык симэммит аттар көрсөллөр. Араас улуустартан кэлбит маастардар тута аттар симэхтэрин ис хоһоонун, кимнээх, хайдах тикпиттэрин кэпсии көрсөллөр. Бу Аммаҕа ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕын биир сүрүн уратытынан буолла. Аммалар ханнык да улууска суох кэрэхсэбиллээх көрүҥү киллэрбиттэрэ […]

20.06.2024
«Турууҥ-туруҥ, Аммаҕа Олоҥхо ыһыаҕа ыҥырар!»

Ыһыах ыалдьыттара бу сарсыарда, таһырдьа эр дьон кими эрэ, туохха эрэ ыҥырар саҥаларынан уһугуннубут.  Түннүгүнэн өҥөйөн көрбүппүт — аттаах дьон тураллар! «Турууҥ-туруҥ, Аммаҕа Олоҥхо ыһыаҕа ыҥырар!» — диэн баран, бүгүн ыһыахха ыалдьыттары туох кэрэхсэбиллээх тэрээһиннэр күүтэллэрин туһунан кэпсээтилэр. Маннык көстүү соһутта да, үөртэ да. Онон сарсыардаттан аммалар бэйэлэрин атын улуустартан уратыларын көрдөрөн бардылар. Елена Потоцкая […]

20.06.2024
Норуот күүһэ олоҥхо бухатыырын күүһүн тэҥэ

Амма улууһун нэһилиэктэрэ баһылыга Степан Кузьмин: — Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнии икки сыл инниттэн күүскэ барбыта. Нэһилиэктэр бары көхтөөхтүк кыттан, ким да туора турбакка, үлэлээтилэр. Ыһыахха диэн 3 тыһыынча олбоҕу тигэн, 6 килэмиэтир ситиини хатан киллэрдилэр. Маны тэҥэ саҥа тутууларга, субуотунньуктарга, көҕөрдүүгэ, култуура тэрээһиннэригэр, ыалдьыттары көрсүүгэ, аһатыыга, түһэриигэ бары ылсан үлэлии сылдьаллар. Онон дьоммор-сэргэбэр махтанабын, ыһыах […]

20.06.2024
Олоҥхо ыһыаҕын сүрүн суолтата — ыччаты өбүгэ үгэһигэр уһуйуу

СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ, Олоҥхо ыһыаҕын тэрийэр хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ Сергей Местников, култуура, духуобунай сайдыы миниистирэ Афанасий Ноев, Амма улууһун баһылыга Степан Кузьмин пресс-кэмпириэнсийэҕэ суруналыыстар ыйытыыларыгар хоруйдаатылар. Тэрээһиҥҥэ «Кэскил» оҕо кыһатын эдэр кэрэспэдьиэннэрэ кытыннылар. Оҕолор бэлэмнэнэн кэлбиттэрэ көстөр, ыһыах суолтатын, дьоҥҥо-сэргэҕэ дьайыытын, о.д.а. боппуруостары биэрбиттэрэ хайҕаллаах. Сергей Местников ити ыйытыыларга сүрүннээн маннык хоруйдаата: — Олоҥхо ыһыаҕын сүрүн […]

20.06.2024
Олоҥхо ыһыаҕар 80 тэрээһин ыытыллар

2024 сылга Саха Өрөспүүбүлүкэтин Амма улууһугар ыытыллар «САҤАРАР САҤАМ САТАТЫН САБАҔАЛААҤ, ЭТЭР ТЫЛЫМ ЭГЭЛГЭТИН ЭРИДЬИЭСТЭЭҤ» саха төрүт бырааһынньыгын Олоҥхо Ыһыаҕын бырагыраамата: Сүрүн тэрээһиннэр ыытыллар миэстэлэрэ: Амма улууһа (оройуона), Амма сэлиэнньэтэ, Муона чараҥа, И.А. Швердин аатынан култуура уонна сынньалаҥ паарката. БЭС ЫЙЫН 20 КҮНЭ 02.30 — Күнү көрсүү сиэрэ-туома Ыытыллар сирэ: Муона чараҥа, Күнү көрсөр түһүлгэтэ 07.30 — […]

20.06.2024
“Удьурҕай Боотур” остуоруйа-олоҥхонон ойууламмыт хартыыналар быыстапкаҕа турдулар

Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэннэрэ, норуот маастардара, Амма улууһуттан төрүттээх Николай Рязанскай, Ньургуйаана Никифорова-Ойууна уонна Ульяна Нохсорова быыстапкалара Ф.Потапов аатынан Норуот айымньытын дьиэтигэр тэрилиннэ. Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирэ Афанасий Ноев, СӨ Ил Түмэнин бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы, Олоҥхо кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков, СӨ национальнай архыыбын дириэктэрэ Петр Румянцев, СӨ Дархан этээччитэ, СӨ култууратын туйгуна, олоҥхоһут Виталий Никифоров, Амма улууһун […]

20.06.2024
Олоҥхо ыһыаҕын ыалдьыттарын Саппыйа алааска көрсөллөр

Олоҥхо ыһыаҕар кэлбит ыалдьыттары бастаан Мэҥэ Хаҥалас уонна Амма улууһун кыраныыссатыгар арыылаах алаадьынан, уохтаах кымыһынан Алтан нэһилиэгин уопсастыбаннай түмсүүлэрин актыбыыстара көрсөллөр. Дьон түптэ сытын эҕирийэн, салама ыйаан, сып-сылаас алаадьы амсайан, санаата көнөн, салгыы айанныыр. Салгыы бастакы нэһилиэк Эмис актыбыыстара саха үгэһинэн айах тутан көрсөллөр. Манна саха норуодунай бэйиэтэ, олоҥхоһут Күннүк Уурастыырап төрөөбүт Саппыйа алааһыгар түмэл, […]

20.06.2024
Ийэ олоҥхоһуттар Чээбий уонна Нохсоороп ырыаларын кырыымпаҕа оонньуохтара

Аммаҕа ыһыллар Олоҥхо ыһыаҕын биир сүрүн уратыта сүүстэн тахса кырыымпаһыт аан бастаан биир түһүлгэҕэ мустаннар, аммалар аатырбыт Ийэ олоҥхоһуттарбыт Түмэппий Чээбий уонна Үстүүн Нохсоороп ырыаларын матыыптарынан кыл струналаах кылыһах кырыымпаҕа оонньоон иһитиннэриэхтэрэ.

18.06.2024
«Тойон Дьаҕарыма» олоҥхонон 3 араас испэктээги көрдөрүөхтэрэ

Амма улууһугар Олоҥхо ыһыаҕа буолара аҕыйах күн хаалла. Билигин ыалдьыттары көрсөргө барыта бэлэм буолла. 17-с төгүлүн ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕар Дьэһиэй сахалара, Арассыыйа эрэгийиэннэриттэн, Кытайтан ыалдьыттар кэлиэхтэрэ.  — Хас биирдии Олоҥхо ыһыаҕа уратылаах буолар. Аммаҕа аан бастаан Хомус түһүлгэтэ олохтонуо. Атынан сүүрдэн иһэн, оҕунан ытыыны көрдөрүөхтэрэ. Көрөөччүлэр сөбүлээтэхтэринэ, аныгыскы ыһыах спортивнай бырагырааматыгар бу күрэхтэһиини киллэриэхпит. Аммаҕа Олоҥхо […]

18.06.2024
Олоҥхону үҥкүүнэн дьүһүйэн

Амма улууһугар ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕын чэрчитинэн, бэс ыйын 20 күнүгэр киэһэ 19.00 чаастанФедот Потапов аатынан Норуот айымньытын дьиэтигэр Юрий Борисов «БАҺЫРҔАСТААХ АТТААХ БААБЫЙ БААТЫР» олоҥхотунан «Сир симэҕэ» Арассыыйа көрдөрүүлээх, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай ансаамбылын толоруутугар музыкальнай-хореографическай испэктээккэ ыҥырабыт. Бу испэктээк — олоҥхону бастакынан үҥкүү тылынан дьүһүйүү буолар. Ол иһин «Родной язык — достояние народов» өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэххэ […]

18.06.2024
Оҕолорго олоҥхону толорууга Мария Давыдова аатынан күрэх тэрилиннэ

Амма улууһугар Олоҥхо сылын чэрчитинэн, Олоҥхо ыһыаҕын көрсө, Бөтүҥ нэһилиэгин үрүҥ түнах ыһыаҕар “Оллоон олоҥхото” диэн оҕолорго күрэх тэрилиннэ. Күрэҕи айылҕаттан талааннаах, Абаҕаҕа ыытыллыбыт Үстүүн Нохсоороп үбүлүөйдээх ыһыаҕар олоҥхолоон Гран-при хаһаайката буолбут, улуустааҕы,өрөспүүбүлүкэтээҕи араас таһымнаах күрэхтэргэ өрүү инники күөҥҥэ сылдьыбыт Мария Давыдова сырдык аатыгар аймахтара, дьоно-сэргэтэ тэрийэн ыыттылар. Күрэххэ барыта 12 оскуола уонна уһуйаан саастаах […]

17.06.2024
Чурапчыттан олоҥхону 53 толорооччу кыттар

Быйылгы өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕа бэс ыйын 20-21 күннэригэр Амма улууһугар “Саҥарар саҥам сататын сабаҕалаан, этэр тылым эгэлгэтин эридьиэстээн” диэн ааттанан ыытыллыаҕа. Чурапчы улууһуттан ыһыахха кыттааччылардыын, тэрийээччилэрдиин барыта 240-ча кэриҥэ киһи бараары тэринэ сылдьар. “Айылгы” НАДь улахан саалатыгар кыттааччылар, тэрийээччилэр сүбэ мунньахтаатылар. Мунньаҕы улуустааҕы култуура салалтатын начаалынньыга Петр Гуляев сүрүннээтэ. Тырааныспар, аһылык, хонор сир боппуруостара көрүлүннүлэр […]

17.06.2024
«Ала Булкун» олоҥхону 100 киһи ааҕыаҕа

Олоҥхо ыһыаҕар Аммабыт хас биирдии олохтооҕо араас тэрээһиннэргэ кыттан, тус кылаатын киллэрсэр. Күннүк Уурастыырап аатынан киин бибилэтиэкэ кылаабынай бибилэтиэкэрэ, Амма улууһун бочуоттаах олохтооҕо Вероника Стручкова Аммабыт фольклоругар аналлаах кинигэлэр сүрэхтэнэр биһирэмнэрин ыытыаҕа. Манна кинигэҕэ үлэлээбит ааптардар, эпосоведтар, чинчийээччилэр, улуу олоҥхоһуттарбыт сыдьааннара кэлэн кыттыыны ылыахтаахтар. Олоҥхо ыһыаҕын иитинэн Аммабытыгар улахан түһүлгэни ситэрэн, кэҥэтэн, бэртээхэй анал тутуулар […]

16.06.2024
“Көһөҥө Бүөтүр алгыһынан олоҥхо дойдута кэрэ олохтоннун” олоҥхону толорооччулар аһаҕас күрэстэрин түмүгэ 

ЮНЕСКО стипендиата, педагогическай үлэ уонна тыыл бэтэрээнэ, алгысчыт, Ийэ олоҥхоһут П.Е.Решетников-Көһөҥө Бүөтүр төрөөбүтэ 95 сылыгар аналлаах “Көһөҥө Бүөтүр алгыһынан олоҥхо дойдута кэрэ олохтоннун” олоҥхону толорооччулар аһаҕас күрэстэрин түмүгэ.   Барыта 5 бөлөх, 13 биирдиилээн кыттааччы күрэстэстэ.   Биирдиилээн толорууга: Кылаан кыайыылаах – Афанасий Попов (40 000 солк.), Таатта, Дьохсоҕон. 1 үрдэл — Дьячковскай Николай (20 000 солк), Чурапчы. 2 үрдэл — Лазарева […]

16.06.2024