Архивы Амма - 2024 - Сайт Олонхо

Амма - 2024

Чурапчыттан олоҥхону 53 толорооччу кыттар

Быйылгы өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕа бэс ыйын 20-21 күннэригэр Амма улууһугар “Саҥарар саҥам сататын сабаҕалаан, этэр тылым эгэлгэтин эридьиэстээн” диэн ааттанан ыытыллыаҕа. Чурапчы улууһуттан ыһыахха кыттааччылардыын, тэрийээччилэрдиин барыта 240-ча кэриҥэ киһи бараары тэринэ сылдьар. “Айылгы” НАДь улахан саалатыгар кыттааччылар, тэрийээччилэр сүбэ мунньахтаатылар. Мунньаҕы улуустааҕы култуура салалтатын начаалынньыга Петр Гуляев сүрүннээтэ. Тырааныспар, аһылык, хонор сир боппуруостара көрүлүннүлэр […]

02.10.2024
«Ала Булкун» олоҥхону 100 киһи ааҕыаҕа

Олоҥхо ыһыаҕар Аммабыт хас биирдии олохтооҕо араас тэрээһиннэргэ кыттан, тус кылаатын киллэрсэр. Күннүк Уурастыырап аатынан киин бибилэтиэкэ кылаабынай бибилэтиэкэрэ, Амма улууһун бочуоттаах олохтооҕо Вероника Стручкова Аммабыт фольклоругар аналлаах кинигэлэр сүрэхтэнэр биһирэмнэрин ыытыаҕа. Манна кинигэҕэ үлэлээбит ааптардар, эпосоведтар, чинчийээччилэр, улуу олоҥхоһуттарбыт сыдьааннара кэлэн кыттыыны ылыахтаахтар. Олоҥхо ыһыаҕын иитинэн Аммабытыгар улахан түһүлгэни ситэрэн, кэҥэтэн, бэртээхэй анал тутуулар […]

02.10.2024
Эмискэ — “Нуоҕалдьын кугас аттаах Тойон Дьаҕарыма” олоҥхонон ыһыах

Алгыстаах Аммабытыгар Олоҥхо ыһыаҕа буолара чугаһаатар чугаһаан иһэр. Сардааналаах кырдалбытыгар, дьэдьэннээх халдьаайыбытыгар, самаан сайын сатыылаан турдаҕына, бу үөрүүлээх күммүтүтүгэр үөрүүбүтүн үллэстэ, ыалдьыттары көрсүөхпүт. Билигин бэлэмнэнии үгэнэ буола турар.  Амма улууһугар Олоҥхо сылын чэрчитинэн, Эмис орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ, учууталлара,  үлэһиттэрэ туора турбакка, биир санаанан үлэлээн-үөрэнэн кэллибит: ол курдук үөрэх дьылын түмүктүүр күммүтүгэр, саха норуодунай суруйааччыта Владимир […]

02.10.2024
Олоҥхо ыһыаҥ аһыллыыта — “Дыырай Бэргэн” олоҥхонон

Өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо XVII ыһыаҕар 15 тыһыынчаттан тахса  ыалдьыт уонна кыттааччы кэлэрэ күүтүллэр.  Сүрүн дьаһаллары тэрийэргэ уонна ыытарга 3,5 тыһыынчаттан тахса киһи кыттыаҕа. Араас куонкуруска уонна успуорт күрэхтэһиилэригэр 32 улуустан уонна куораттар уокуруктарыттан барыта 2 тыһыынчаттан тахса киһи кэлиэҕэ. Санатан эттэххэ, Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан, Олоҥхо бырааһынньыга бэс ыйын 20-21 күннэригэр Амма сэлиэнньэтигэр буолар. Ыһыах бырааһынньыгын үгэстэринэн, […]

02.10.2024
Мас уустарын үс күннээх күрэҕэ

 Олоҥхо ыһыаҕа буолара икки нэдиэлэни кыайбат кэм хаалла. Ону көрсө ыытыллыбыт «Олоҥхо — өбүгэ ситимэ» мас уустарын үс күннээх өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэрэ буолан ааста. Уустар 2 миэтэрэ үрдүктээх, 40-60 см кэтиттээх бэрэбинэттэн олоҥхо тиэмэтин арыйар, дьоруойдарын билиһиннэрэр мас скульптуралары кыһан-чочуйан оҥордулар. Бу үлэлэр Амма И.А. Швердин аатынан пааркатыгар туруохтара,. ол курдук Амма улууһугар ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕын туоһулуур […]

02.10.2024
Соморсуннар 500 миэтэрэ ситиини хаттылар

Амма сиригэр-уотугар Олоҥхо ыһыаҕа ыһыллара биир ыйы кыайбат кэм хаалла. Маннык улахан тэрээһиҥҥэ улуус дьоно-сэргэтэ бэлэмнэммитэ ыраатта. Хас биирдии нэһилиэккэ ситии хатыытыгар, олбох тигиитигэр түһээн түһэриллэн турар. Ол сорудахтарын хас биирдиилэрэ олус эппиэтинэстээхтик толороллор. Бу күннэргэ Соморсун олохтоохторо 500 миэтэрэ ситиини хатан, Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэниигэ улахан көмөнү оҥордулар. Трофимова Мария Егоровна – нэһилиэк иннитигэр уктар, тарбаҕар […]

02.10.2024
Ааттаах олоҥхоһуттар аартыктарынан

“Айыллык” норуот айымньытын дьиэтигэр М.К. Аммосов аатынан ХИФУ Олоҥхону чинчийэр билим үнүстүтүүтүн “Лингвофольклористика” салаатын салайааччыта, филология билимин хандьытаата Юрий Борисов ыалдьыттаата. Амма улууһугар XVII төгүлүн ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕын көрсө, эдэр олоҥхоһут  “Ааттаах олоҥхоһуттар аартыктарынан, ытык кырдьаҕастар ыллыктарынан” диэн бырайыагын чэрчитинэн, былыргылыы нэһилиэктэринэн кэрийэ сылдьан, олоҥхо киэһэлэрин тэрийэр. Аны  оннук дьоро киэһэ  Сатаҕай түөлбэтигэр буолла. Былыр дьоро киэһэлэргэ […]

02.10.2024
Олоҥхо ыһыаҕа: эпос, утум салҕаныыта, сайдар саҕахтар

Амма улууһугар икки күннээх  өрөспүүбүлүкэтээҕи научнай-методическай кэмпириэнсийэ буолан ааста. Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнии биир сүрүн тэрээһинин панельнай мунньаҕар кыттааччылар норуот тылынан уус-уран айымньытын тылы-өһүн, суолтататын, сайдыытын эрэ буолбакка, бэл диэтэр, физикаҕа, экэниэмикэҕэ сыһыанын ырыттылар. -Мин бу сыллар тухары элбэх кэмпириэнсийэлэргэ, научнай-чинчийэр ааҕыыларга кыттан, дьүүллүр сүбэҕэ даҕаны үлэлээн кэллэҕим. Онно  улуус-улуус ыытар тэрээһиннэрэ бэйэлэрин историяларыгар, сайдыытын хайысхаларыгар, […]

02.10.2024
Тута хоһуйан олоҥхолоотулар

Олоҥхо ыһыаҕын көрсө ыытыллар научнай-практическай кэмпириэнсийэ биир сонун, хоммут уоһу өһүлэр тэрээһининэн тута хоһуйан олоҥхолооһун уонна ол кэнниттэн санаа атастаһар киэһэтэ буолла.   Тэрээһин кэмпириэнсийэ бүппүтүн кэннэ киэһэ 21.00 чаастан Айыы дьиэтигэр ыытылынна. “Тута хоһуйан, олоҥхону толоруу күрэҕэ Олоҥхо ыһыаҕар киирбитэ балачча буолла. Ити үчүгэй. Былыр өбүгэлэрбит итинник олоҥхону тута хоһуйан толорон кэллэхтэрэ дии. Тойуксуттар, […]

02.10.2024
«Олоҥхо кустугар» -кустук курдук куоһанан

“Олоҥхо кустуга» – педагогическай олимп Амматааҕы “Радуга” оҕону сайыннарар киин (салайааччы Конникова В.В., үөрэх-иитии чааһыгар салайааччы Левина В.И.) 65 сыллаах үбүлүөйүгэр уонна Аммаҕа Олоҥхо сылыгар аналлаах улуустааҕы “Олоҥхо кустуга – педагогическай олимп”  күрэҕи олус бэркэ тэрийэн ыыттылар. Тэрээһин Амма улууһугар  өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕа буолара 100 хонугар сөп түбэһиннэрэн, олус сэргэхтик ааста. Бу күрэх сыалынан — […]

02.10.2024
Олоҥхо ыһыаҕын көрсө 3 тыһыынча олбоҕу бэлэмнээтилэр

Өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕын чэрчитинэн, Амма улууһун хас биирдии нэһилиэгэ Ыһыах ыалдьыттарын көрсөргө көхтөөхтүк бэлэмнэнэр. Хас биирдии нэһилиэк сахалыы  олбох уонна ситии саламаны оҥоророр соругун хайыы үйэ толорон, Ньукуолуну уруйдуур тэрээһиҥҥэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарбыта. Тэрээһин үлэтигэр нэһилиэк уопсастыбаннаһа, түөлбэлэр көхтөөхтүк кытыннылар. Болугур нэһилиэгин олохтоохторо саламаттан, олбохтон ураты  сахалыы таҥастары, киэргэллэри кыһыны быһа тэҥинэн тиктилэр. “Арчылаана” эбэлэр […]

02.10.2024
Оҕолор чинчийэр эспэдииссийэлэрэ

Олоҥхо ыһыаҕын көрсө, Аммаҕа кулун тутар 21-22 күннэригэр «Ысыах олонхо в Амге: эпос, диалог поколений, взгляд в будущее» диэн научнай-методическай XIV кэмпириэнсийэ ыытыллар. Бу кэмпириэнсийэҕэ кыттыахтаах 17 оҕо, Амма улууһун Мээндиги, Бөтүҥ, Өнньүөс, Болугур, Эмис, Соморсун, Сулҕаччы, Абаҕа оскуолаларыттан түмүллэн, чинчийэр эспэдииссийэни тэринэн, СӨ Национальнай бибилэтиэкэтигэр үлэлээтилэр. -Аммалар “Айыы намыһын ырыаһыттар” диэн бырайыактаахпыт. Ол чэрчитинэн […]

02.10.2024
Олоҥхо ыһыаҕа буолара 100 хонук хаалла

Амма улууһугар Олоҥхо өрөспүүбүлүкэтээҕи ХVII ыһыаҕа ыһыллара оруобуна 100 хонук хаалбытынан кулун тутар 12 күнүгэр Амма сэлиэнньэтигэр онно аналлаах тэрээһин буолла. Ыһыаҕы тэрийиигэ эппиэттээх үлэһиттэр бэлэмнэнии үлэтэ хайдах баран иһэрин нэһилиэнньэҕэ  сырдаттылар, бары көхтөөх кыттыыны ылалларыгар ыҥырдылар. Бу тэрээһин барыларын сомоҕолоон, хаалбыт 3 ыйга күүстээх үлэҕэ түмсүөхтээхтэр, түбүгүрүөхтээхтэр. Тэрээһини сахалыы таҥастаах дьон сэлэлии хаамыылара киэргэттэ. […]

02.10.2024
Олоҥхо ыһыаҕа Муона Чараҥар буоулуоҕа

Амма улууһугар ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕын бырагыраамата бигэргэннэ Өрөспүүбүлүкэтээҕи суолталаах тэрээһин Муона чараҥа диэн сиргэ И.А. Швердин аатынан култуура уонна сынньалаҥ пааркатыгар ыытыллыаҕа. Олоҥхо аһыллыытын сиэригэр-туомугар 1200-тэн тахса киһи кыттыаҕа. Ол курдук, Олоҥхо тыйаатырын, Судаарыстыбаннай цииркэ, С.А. Зверев-Кыыл Уола аатынан үҥкүү Национальнай тыйаатырын, АГИКИ,  култуура кэллиэһин айар кэлэктииптэрэ — сүрүн кытааччылар. Амма улууһуттан  900 киһи кыттыаҕа. […]

02.10.2024
Олоҥхо ыһыаҕын бэлиэтэ бигэргэннэ

Быйыл бэс ыйын 19-21 күннэригэр Амма улууһугар ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕын логотип дэнэр дьаралык бэлиэтин анал хымыыһыйа бигэргэттэ. Дьаралыгы быһаардахха: Бастакы күөҥҥэ — аммалар аатырбыт олоҥхоһуттара Т.В. Захаров-Чээбий.  Кэннигэр — быйыл Аммаҕа туруохтаах Аал Луук Мас. Ортотугар үүнүүнү кэрэһилиир оһуор  Чаппараах — — Дьөһөгөй оҕотун симэҕэ, оттон ыһыах диэн Дьөһөгөй Айыыга сүгүрүйүү буоллаҕа дии. Кымыһы ыһалларын […]

02.10.2024
Аммаҕа Олоҥхо сыла биллэрилиннэ

Тохсунньу 31 күнүгэр Амма сэлиэнньэтин Ф. Потапов аатынан Норуот айымньытын дьиэтигэр ааспыт 2023 сыл түмүктэрин таһаарар уонна үүммүт 2024 сылы Амма улууһугар Олоҥхо сылынан биллэрэр тэрээһин үөрүүлээхтик ааста. Бу күн Олоҥхо сылын дьарылыгын сүрэхтээтилэр. Гиэрбэ ааптара – биллэр поэт, суруналыыс Зинаида Архипова. Көрөргүт курдук, дьаралык ортотугар олоҥхоһут олоонноон олорор, кини кэннигэр Аал Луук маспыт сириэдийэ-чэчирии үүнэ […]

02.10.2024
Алгыстаах Абаҕа – Олоҥхо дойдута

САССР үтүөлээх артыыһа, норуот ырыаһыта, тойуксут, олоҥхоһут Устин Гаврильевич  Нохсоороп киинэ түспүт төрөөбүт түөлбэтигэр, алгыстаах Абаҕа туонатыгар СӨ бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев көҕүлээһининэн «Рисуем все» бырайыак чэрчитинэн, Амма улууһугар биллэриллибит  Олоҥхо сылыгар анаммыт «Рисуем все» улуустааҕы эстафета салҕанар дьоһун түһүлгэтэ тэрилиннэ. Биһиги нэһилиэкпитигэр эстафета бэлиэтин тохсунньу 19 күнүгэр Бөтүҥ нэһилиэгиттэн  А.Е.Кралин аатынан Абаҕа орто […]

02.10.2024
«Баһырҕастаах аттаах Баабый Баатыр» олоҥхонон музыкальнай-хореографическай испэктээк

Дойду үрдүнэн Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр Оҕо саас сыла уонна СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтэ быйыл Оҕо тыйаатырын ускуустубатын сылын биллэрбитинэн, аммалар биир дойдулаахтара Юрий Борисов «Баһырҕастаах аттаах Баабый Баатыр» олоҥхотунан музыкальнай-хореографическай испэктээктэрин Дьокуускайга көрдөрдүлэр. Олоҥхону үҥкүүнэн дьүһүйүү — ураты көстүү. Хамсаныыларынан да киһи тиэрдиэн сөп эбит. биллэн турар, ону ырыа-тойук ситэрэн, киэргэтэн биэрдэ. […]

02.10.2024
«Аландаайы Куландаайы бухатыыр» олоҥхотугар олоҕурбут синтез-испэктээк

Аны сайын буолаары турар өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕын көрсө ыытыллар фестиваль чэрчитинэн Сулҕаччытааҕы Христофор Максимов аатынан култуура уонна сынньалаҥ киинэ уонна бу киин Сэргэ Бэстээҕи филиала (дириэктэр Жанна Максимова),  биир дойдулаахпыт, ССРС суруйааччыта, норуот ырыаһыта, олоҥхоһут Екатерина Иванова киэҥник биллибит «Айдаарыкы араҥас аттаах Аландаайы Куландаайы бухатыыр» олоҥхотугар олоҕурбут синтез-испэктээги көрдөрдүлэр. Сулҕаччыга 80 сыл буолан баран, олоҥхо […]

02.10.2024
Аммаҕа Олоҥхо декадата Эмис уһуйааныттан саҕаланна

Аммаҕа  Олоҥхо декадатын бастакы тэрээһинэ сэтинньи 24 күнүгэр Эмис нэһилиэгин «Чуораанчык» оҕо саадыттан саҕаланна. Бу дьоро күҥҥэ биһиги үөрүүбүтүн тэҥҥэ үллэстэ, эҕэрдэ тыл бастыҥын тиэрдэ, Амма улууһун баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы, Олоҥхо улуустааҕы ассоциациятын салайааччыта Илларионова Ньургуйаана Ивановна, Амма улууһун үөрэҕин салалтатын исписэлииһэ Давыдова Эмма Валерьевна, уһуйаан иһинэн ыытыллар «Сыарҕалаах атынан айан», «Үүтээн олоҥхото» бырайыактарбыт […]

02.10.2024