Архивы Журнал - Страница 5 из 7 - Сайт Олонхо
Главная / Журнал / Страница 5

Журнал

">
Олоҥхо быйылгы ыһыаҕын уратыта — эйэни түстүүр, уһун тускулу туругурдар идиэйэ

Олоҥхо ыһыаҕа быйыл аммаҕа буолар. Бу ыһыах кэнсиэпсийэтин сүрүн идиэйэлэрин  Клара Кириллина кэпсээтэ: -Эмискэ Күөрэлэ алааска сымара тааска олоҥхоһут Захаров-Чээбий “Ала Булкун” олоҥхотуттан “Саҥарар саҥам сабаҕатын санаан, этэр тылым эгэлгэтин эрдьиэстээн” диэн кэнчээри ыччакка кэриэс-хомуруос тыллара Олоҥхо ыһыаҕын сүрүн санаата буолар. Биир дойдулаахпыт, биллиилээх публицист, уопсастыбанньык Олег Гаврильевич Сидоров 2016 сыллаахха Платон Алексеевич Ойуунускай туһунан “Жизнь замечательных людей” […]

29.11.2023
">
Столетнее аудио: что сохранено в первой аудиозаписи якутского языка?

Ко Дню Олонхо в Якутии представляем интересные данные из фондов Музея письменности СВФУ: первые аудиозаписи якутского языка были зафиксированы в 1902 и 1903 году – записи были сделаны на фонографе экспедицией Владимира Иохельсона на Колыме вблизи села Родчева (территория современного Верхнеколымского района). На дисковом цилиндре сохранилось исполнение якутских олонхо, сказок и камлания шамана. Дисковые цилиндры […]

28.11.2023
">
Ил Дархан истипиэндьийэтин туттулар

Олоҥхо күнүн көрсө, Ил Дархан Айсен Николаев олоҥхону толорооччуларга, оһуокай тылын этээччилэргэ, тимир уустарыгар, норуот маастардарыгар анал истипиэндьийэтин туттарда. Үгэс буолбут төрүт дьарыкпытын, култуурабытын илдьэ, сайыннара, тарҕата, уһуйа сылдьааччыларга Ил Дархан ис сүрэҕиттэн махтанна. Кини сайдыы балысханнык барар бу тэтимнээх кэмигэр, күннэтэ уларыйа турар аан дойдуга төрүт култуурабытыгар тирэниэхтээхпитин тоһоҕолоон эттэ. Ол иһин кэнники сылларга бу эйгэҕэ болҕомто […]

23.11.2023
">
Уол оҕону олоҥхолуурга уһуйуу

Өбүгэм үгэһэ үрдүгүн, өйдөөҕүн, кэрэтин, дириҥин, төһөлөөх миэхэ күүс биэрэрин мин өрүү сөрү диэн сөҕөбүн. Сэмэн Данилов. Олоҥхону оскуола оҕотугар уһуйуу майгы-сигили, өй-санаа, үөрэх-билии сайдыытыгар, сиэрдээх буолууга үөрэтэр-такайар суол буолар. Олоҥхо сүрүн өйдөбүллэрэ биһиги тылбытыгар-өспүтүгэр, сиэрбитигэр-туоммутугар, олохпутугар-дьаһахпытыгар бигэтик сөҥө сылдьаллар. Олоҥхоҕо сырдык күүстэр хараҥа күүстэри утары охсуһуулара уонна кыайыылара, орто-туруу бараан дойдуга дьоллоох, ким да […]

08.11.2023
">
Өрөспүүбүлүкэҕэ бастакынан Олоҥхо норуодунай тыйаатырын тэрийбит Зоя Попова 75 сааһа

Алтынньы ыйын 29 күнүгэр Опера уонна балет тыйаатырыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа, Алексей Елисеевич Кулаковскай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, ийэ, эбээ уонна хос эбээ Зоя Гаврильевна Попова өрөгөйдөөх 75 сааһын бэлиэтиир дьоро киэһэтинэн Олоҥхо тыйаатырын XVI айымньылаах дьыла арылынна. “Идэм уонна Тапталым –Дьиҥ көмүс тайаҕым!Таҥнарбат, охторбот тирэҕим.Охсууттан охтубат бэйэлээҥ,Олохпун үрдүккэ кынаттааҥ,Кэнчээрим кэскилин арчылааҥ!” диэн Зоя […]

30.10.2023
">
Станислав Иванов: “Олоҥхоҕо саха олоҕун тутула баар”

Саха норуота дириҥ силистээх-мутуктаах, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн иһэр баай култууралаах, дьиҥ итэҕэллээх, баай тыллаах омук буоларбытын олоҥхобут толору кэрэһилиир. Саха мындыр өйдөөх омук буоларын өссө биир үтүө уратыбытынан олох бары эйгэтигэр, сүрүннээн айар үлэҕэ, тылга энтузиаст дьоннордоохпут буолар. Ол да иһин, төһө даҕаны араас кэм бүрүүкээбитин иһин, норуот тыынын өллөйдүүр дьонноох буоламмыт, олоҥхобут толоруллара, үөрэтиллэрэ, […]

30.10.2023
">
Олоҥхоҕо дьахтар уратыта

Саха героическай эпоһа — олоҥхо – норуот тылынан уус-уран айымньыларыттан чулуулара, тγγр-монгуол тыллаах омуктар эпическэй айымньыларын уһулуччулаах кɵстγγтэ буолар. Олоҥхо саха норуотун устуоруйатын, философиятын, итэҕэлин илдьэ сылдьар айымньы. Ортоку олоҥхолор кээмэйдэрэ 10-20 тыһыынча хоһоонунан строкалартан турар, сороҕор 50 тыһыынча строкаҕа тиийиэн эмиэ сɵп. Бу сүдү айымньыбытыгар кыыс ньургун дьахталлар уобарастарын, дьоруой дьиктитик төрөөһүнүн, ааттар кистэлэҥнэрин […]

27.10.2023
">
СВАДЕБНЫЕ ОБРЯДЫ НАРОДА САХА В ОЛОНХО

Основной темой одного из ранних текстов олонхо “Өлбөт Бэргэн”, записанного от олонхосута Таттинского улуса Н.Т. Абрамова – Кынат, является сватовство. В отличие от традиционного сватовства якутов, жених не отправляет сватов-суорумньу. Своенравная Айталыын Куо, младшая дочь родоначальника Баай Харахаан Тойона, увидев во сне своего суженого Ого Тулаайаха, сама отправляет к нему родного брата. За это время […]

25.10.2023
">
И.В. Пухов олоҥхону хомуйааччы быһыытынан

Иннокентий Васильевич Пухов саха олоҥхотун, фольклорун үөрэппит, хомуйбут биллиилээх учуонай буолар. Түүр-монгуол эпостарын уопсай өрүттэрин, уратыларын, киэҥник – култуураларыгар биир сүрүннэрин үөрэппитэ билимҥэ дьоһун миэстэни ылар.  Гражданскай уонна Аҕа дойду сэриилэр кыттыылааҕа. 1923 с. Пепеляев генерал баһылыктаах халчаак этэрээтин утары сэбилэниилээх этэрээккэ киирсибитэ. Наукаҕа өссө устудьуоннуу сылдьан киирбитэ. Оччотооҕуга кини Иркутскайдааҕы судаарыстыбаннай университет педагогическай факультетыгар нуучча тылын уонна литературатын […]

24.10.2023
">
Малдьаҕар олоҥхоһуттара, олоҥхону айааччылара уонна толорооччулара

Хаҥалас улууһун култуураҕа уонна духуобунаска салалтатын редакционнай уонна фондовай отделын үлэһиттэрэ Г.Д. Семенова, Е.Е. Варламова Малдьаҕар олоҥхоһуттарын, олоҥхону айааччыларын, толорооччуларын үөрэтэр-чинчийэр үлэлэрин түмүгүнэн бэлэмнээтилэр.

22.10.2023
">
Олоҕун киэргэлэ — кылыһаҕа

Оҕо сылдьан кини бэрт тэбэнэттээх этэ. Оннооҕор сибиинньэни айааһыыр, ат өрөҕөтүгэр биирдэ баар буолар харса суох кыысчаан этэ. Күрүө үрдүгэр биир атаҕар дугунан туран, бэрт имигэстик үөһэ салгыҥҥа эргийэ түһээт, төттөрү оннугар тура түһэр кыаҕы Люба эрэ баһылыыра. Киниттэн ураты итини ким да сатаабата. Мэник кыысчаан кэмиттэн кэмигэр дьиэтин таһыгар турар тыаҕа элэстэнэн хаалара. Онно […]

16.10.2023
">
Саха дьоһун дьахтара — Мария Ионова-Андросова

Бүгүн, алтынньы 14 күнүгэр, саха бастакы үөрэхтээх дьахтара, олоҥхоһут, этнограф, ырыаһыт, фольклору хомуйааччы, учуонай,чинчийээччи М.Н.Андросова-Ионова төрөөбүтэ күнэ. Кини силис тардыбыт дойдута — Таатта улууһун Уолба нэһилиэгин Макар Хара аатынан олохтоох бибилэтиэкэтэ — бэлэмнээбит матырыйаалын көрүҥ.

14.10.2023
">
Модель мира небесных чудовищ в олонхо

Как объясняет А.Е. Кулаковский, в якутском олонхо небо не сплошное и не ровное. И небо надо считать не трех, восьми и девятиярусным, а просто многоярусным. Формы небеса имеют куполообразные, по окружности или краям сходятся с землей, которая, в свою очередь, по краям постепенно поднимается кверху.Если Нижний мир является прообразом преисподней, то небо – среда обитания […]

13.10.2023
">
Признаки прихода абаасы в средний мир олонхо

Как жители Среднего мира узнают о приближении абаасы? Персонажи абаасы являются одним из основных образов эпоса олонхо. Эпосовед Г.У. Эргис отметил, что эпические абаасы являются «врагами племени айыы». Он предположил, что общий образ абаасы изначально «олицетворял враждебные людям стихийные силы», и только потом «обогатился историческим содержанием». В сюжетах ранних записей олонхо появление абаасы происходит постепенно. До […]

03.10.2023
">
«Мэҥэ тойук» – түүр тылын сайыннарар кинигэ

Турцияҕа турок тылын билбэт саха киһитэ олохтоохтор тылларын тамаҕыттан өйдөөн, иннин-кэннин холкутук быһаарсыан сөп. «Эт, балык баар» диэн сурук-бичик суол кытыытынааҕы кафеларга үгүс.  Киэҥ сиринэн тарҕанан, түүр омуктар тылбыт төрдө биир, төрүт култуурабыт майгыннаһар буолан, киһи түргэнник ылынар.    Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Александр Жирков «Мэҥэ тойук» кинигэтигэр түөрт түүр омугун эпическэй айымньытын тылбааһа киирдэ. Кинигэни Александр Жирков «Аан дойду норуоттарын […]

02.10.2023
">
Оскуола ахсын фольклор куруһуога баар буолуохтаах

Хас улуус, нэһилиэк аайы төрүт култуура кэрэ эйгэтигэр сыһыаран, оҕону дэгиттэр сайыннарар үтүө үлэһиттэр бааллар. Мария Павловна Афанасьева Сунтаар улууһун Н.М. Родионова аатынан Оҕо дьоҕурун сайыннарар киин Кутанатааҕы филиалыгар фольклорнай бөлөҕү салайар. Кини 1990 с. Дьокуускайдааҕы музыкальнай училищены бүтэрбит. -Кутана оскуолатыгар үлэбин саҕалыахпыттан оҕолору норуот ырыатыгар-тойугар үөрэтэн барбытым. Аҕыйах ыйынан П.Ойуунускай “Эриэдэл Бэргэн бухатыыр“ олоҥхотун  […]

25.09.2023
">
Олоҥхо тыйаатырыгар тоҕо сылдьабытый?

Оҕолорбун кытта Олоҥхо тыйаатырыгар 3-5 саастарыттан сылдьан саҕалаабыппыт. “Улуу Даарын”, “Дьырыбына Дьырылыатта”, “Кыыс Дэбилийэ”, “Хардааччы Бэргэн”, о.д.а. олоҥхолору биһирии көрдүбүт. Афишаны эрдэттэн манаһабыт, билиэт ылан баран, долгуйа кэтэһэбит, үөрэ-көтө испэктээккэ барабыт уонна астына-дуоһуйа көрөбүт. Олоҥхо испэктээгин көрүү куорат оҕолоругар сахалыы эйгэни кэҥэтэр, төрөөбүт тылга умсулҕаны уһугуннарар бэртээхэй ньыма дии саныыбын. Оҕолорум уу сахалыы саҥараллар, ааҕаллар-суруйаллар. […]

20.09.2023
">
Айылҕаттан бэриллибит дэгиттэр эриэккэс талаан

РФ үтүөлээх, СӨ норуодунай артыыһа, П.А.Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, саха норуотун фольклорун, олоҥхотун, оһуокайын уһулуччулаахтык толорбут, киэҥник сырдаппыт, ыччаты сахалыы кылыһахтаах ырыаҕа-тойукка ахсаабакка уһуйбут учуутал, алгысчыт Гаврил Гавриилович Колесов бу ыйга төрөөбүтэ 90 сылын туолла. Драма артыыһын, конферансье, сахалыы кылыһахтаах ырыаны-тойугу уһулуччулаахтык толорооччу уонна уһуйааччы быһыытынан норуот бүттүүнэ билинэр урааҥхай […]

15.09.2023
">
Олоҥхо= ОЛ (олох) + ОҤ (оҥоһуутун) + ХО (хоһуйуу)

“Аан дойду дьоно чулуу айымньытынан билиниллибит олоҥхобутугар хоһуйулларыныы, үктээтэххэ маталдьыйбат, охтон баранар мастаах, уолан бүтэр уулаах, ньуура уларыйа турар Орто туруу бараан дойду, билиҥҥи билим бигэргэтэринэн, баар буолбута баара-суоҕа 6 миллиард сыл буолбут! Быһа барыллаан 2,7 миллиард сыллар анараа уорҕаларыгар хайҕанар харахпыт арааран көрбөт быытыкаа биирис (virus) үөскүөҕүттэн олох саҕаланан, кубулуйа уларыйан (evolutio), куйаар кээмэйигэр […]

12.09.2023
">
Марк Жирков уонна “Дьулуруйар Ньургун Боотур” – биир олох дьүккүөрэ

Биһиги култуурабыт устуоруйатыгар араас түгэн элбэх, олор кэккэлэригэр “Ньургун Боотур” национальнай опера сыанаҕа туруута – бу саха ускуустубатын өрөгөйдөөх чыпчаала. СӨ Национальнай бибилитиэкэтэ “Кэм уонна муусука” диэн бырайыак чэрчитинэн Москубаҕа ыытыллыбыт Саха сирин Күннэрин 65 сылыгар, Марк Жирков 130 сыллаах үбүлүөйүгэр, “Ньургун Боотур” опера турбута 75 сылыгар анаан кэмпириэнсийэ тэрийэн ыытта. Кэпсэтиини ускуустуба үтүөлээх үлэһитэ […]

07.09.2023